Ахтыылар
Эһээлээх эбээм тапталларыгар улааппытым
Эһээ Сэмэн уонна эбээ Аана тапталларыгар улааппыт улахан сиэннэртэн биирдэстэрэ буоларбыттан киэн туттабын, мэлдьи үтүө тылларынан ахта саныыбын.
Эһээм да эбээм да үлэһит дьоннор буоланнар үчүгэйгэ, үтүөҕэ, кэрэ санааҕа мэлдьи үөрэтэллэрэ. Эһээм кыра эрдэхпиттэн үлэҕэ, техникаҕа сыһыарара. Эһээбит эппитэ сокуон буолааччы, мындыр өйдөөх буолан урут эппитин билигин бэйэбит үлэһит буолан олохпутугар туттабыт.
Эбээм үлэһитэ, эрдэһитэ, асчыта, сарсыарда эрдэттэн сибиэһэй күөрчэҕэ, алаадьыта, суората. “Ким эрдэһит ол ытыкка хаалбыт күөрчэҕи мип-минньигэстик бэйэтэ сиир” диирэ. Онон сороҕор эрдэ туран үөрэрим, сороҕор хойутаан мэлийэрим харахпар бу баардыы көстөр. Үчүгэйи оҥордохпутуна хайҕанарбыт, сыыһаларга бириэмэтигэр такайыллан оҕо сааспыт ааспыта.
Соҕуруу үөрэххэ киирбиппэр, үлэһит буолбуппар, ыал буолан оҕоломмуппутугар сүрдээҕин үөрбүттэрэ. Эһээлээх эбээбэр махталым муҥура суох.

Суруйдум сиэннэрэ Аким Акимов, Дьокуускай, сэтинньи ый 2023 с.