Ахтыылар
Сидоров Семен Егорович – үтүөкэн киһи, доҕор, табаарыс.
Мин кэргэним Старостин Петр Гаврильевич Сэмэнниин кыра эрдэхтэриттэн билсэллэр эбит. Кэлиҥ Дириҥҥэ биир дэриэбинэҕэ олорон ыкса билсэн бу олохтон барыахтарыгар диэри саамай истиҥ доҕордуу этилэр.
Бүөтүрдээх 3 уолаттар Егор быраата, Гаврил убайа дьонноро эрдэ өлөннөр тулаайах үөскээбиттэрэ. Кинини эбэтэ Ааныска Чурапчыга илдьэ киирэн остуорастаан, харабыллаан илдьэ сылдьыбыт. Егор, Гаврил тастыҥ аймахтарыгар эҥэрдэһэн армияҕа барыахтарыгар диэри Одьулуунунан, Чурапчынан сылдьан улааппыттар. Оччолорго Сэмэни кыра эрдэҕинэ аймахтара иитэннэр Посельскай диэн араспаанньалаах эбит. Аҕабыт Посельскай Сеня Сидоров буолан хаалбыт диэн соһуйбут этэ. Сэмэни кытта Чурапчыга быраата Егор биир кылааска үөрэммиттэр эбит. Онон оҕо саастара үһүөн Чурапчыга ааспыт.
Биһиги ыал буолан үлэһит буолан кэлэн Дириҥ оскуолатыгар мин физика учууталынан 50 сыл, кэргэним 40 сыл география учууталынан үлэлээтибит. 50 сыл ыал буолан олорон, 5 оҕолоохпут. Сэмэннээҕи кытта оҕолорбут араа-бараа саастаахтар, сорохтор бииргэ үөрэммиттэрэ. Уруккуттан билсэр буолан уонна майгылара интэриэстэрэ сөп түбэһэр буолан ыкса доҕордоспуттара. Сеня биһиэхэ анаан киирэн өр сэһэргэһэллэрэ: булт туһунан, олох дьаһах, үлэ-хамнас боппуруостара тула о.д.а. ис санааларын атастаһаллара. Өр көрсүбэтэхтэринэ суохтаһар, ахтыһар курдуктара. Аҕабыт Сеня ханна от анньа барарын билэ сылдьан барсара. Сороҕор булка хапкаан быраҕаллара уонна дьэ тыраахтар тыаһыгар бэрт элбэҕи кэпсэтэн эрдэхтэрэ.
Сэмэннээх Аана колхозка совхозка элбэҕи да үлэлээтэхтэрэ. Иккиэн да үлэни өрө туппут, илиилэрин араарбакка бэриниилээхтик, уһуннук үлэлээбит үлэ ветераннара буоллахтара. Сеня соҕотох оҕо, Аана элбэх бииргэ төрөөбүттэрдээх. Иккиэн элбэх аймахтардаах, элбэх оҕолоох дьон аймахтарыгар сүрүннүүр оруолу толороллоро. Аймахтар түмсүүлээх, эйэлээх, бэйэ бэйэҕэ көмөлөсүһэр үтүө майгыннаахтар. Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн дьиэҕэ даҕаны, ийэлэригэр ферма үлэтигэр даҕаны көмөлөһөн улааппыттара. Бу оҕолор үлэни билэр, сатыыр, сөбүлүүр буола улаатыыларыгар улахан оруоллааҕа биллэр. Сеня тыраахтара өр алдьанан турбат, өрүү үлэ үөһүгэр буолара. Элбэх да маһы, оту, мууһу о.д.а. тэйии колхозка, совхозка, дьоҥҥо аймахтарыгар үлэлээтэҕэ. Биһиэхэ даҕаны дьиэ туттарбытыгар, от мас тиэйиитигэр элбэҕи үлэлээбитэ, көмөлөспүтэ. Улахан Махтал. Сеня үлэтигэр кэтэр таҥаһа куруук үчүгэй, итии буолара. Итии, көп түүлээх бэргэһэ, таарбаҕан истээх сон, сөптөөх үтүлүк, атах таҥаһа. Бу манна көстөр ийэ, кэргэн киһи Аана кыһамньыта, болҕомтото, сатала. Ааналаах Сэмэн 50 сыл бииргэ ыал буолан олорон оҕолорун үөрэттэрэн ыал оҥортоон, сиэннэри, хос сиэннэри оҕолоон дьоллоох олоҕу олордулар. Мин саамай алтыспыт, иитиспит оҕом Дима, Димон этэ. Сүрдээх элэккэй, элбэх кэпсээннээх, дьоҥҥо көмөлөһөр үтүө санаалаах оҕо этэ. Кэргэннэнэн, уол оҕолонон үөрэ сылдьарын көрсүбүтүм. Уолбун Айсен диэн ааттыыбын. Хайдаҕый диэн, өссө сүбэлэтэр курдук ыйыппыта. Оҕолоро этэҥҥэ сылдьалларын истэбин, үөрэбин. Оттон Гоша Сидоров физикаҕа сөбүлээн үөрэммит, үөрэппит оҕом буоллаҕа. Сүрдээх болҕомтолоох, толкуйдаах, способнай үөрэнээччи этэ. Иван Ивановичтыын сүбэлэһэн, салгыы куоракка РФМШ-ҕа үөрэнэ барбыта. Онно да ЯГУ-га да үчүгэйдик үөрэнэн, үчүгэй үлэһит буолбутуттан үөрэбит, киэн туттабыт. Петр Гаврильевичка Гоша биир бастыҥ үөрэнээччитэ, туриһа буолар. Кини туризмҥа, мин физика олимпиадатыгар кытыннара сатыырбыт.
Сэмэн үлэтин таһынан нэһилиэк общественнай олоҕор активнайдык кыттара. Ветераннар хордарыгар сылдьыбыта, кырдьаҕастар түмсүүлэригэр биирдэ сүрдээҕин өрө күүрэн кулууп аттыгар кырдьаҕастарга аналлаах балаҕан тутуох буолан кэпсэтии буолта. Ким проегынан оҥоһуллара, төһө мас бэлэмнэнэрэ, ким тугу үлэлиирэ кытта быһаарыллыбыта. Сэмэн онно мас бэлэмнээһинигэр, тиэйиитигэр үлэлиэх буолан ылыммыта. Ол баҕабыт туолбата. Мин кэргэним көрбөт буолан, ыалдьан сыттаҕына Сэмэн киирэн кэпсэтэрэ, санаатын көтөҕөрө. Өр сытар киһи санаата муунтуйан хаппырыыстаммытыгар Сэмэҥҥэ киирэн өйдөтүс, кэпсэт диэбиппэр киирэн өр баҕайы кэпсэтэн киһим санаата уларыйбыта. Онно улаханнык махтанабын. Сеня эрэ сылдьарын кэтэһэрэ, ахтара.
Семен Егорович Сидоров үтүөкэн киһи, кэргэн, аҕа, үлэһит, дойдутун туһугар дьиҥнээх патриот үлэһит буолар. Семен киһи быһыытынан үтүө майгынын биһиги дьиэ кэргэн өрүү махталынан ахтабыт, ахтыахпыт, умнуохпут суоҕа.
П.Г. Старостин дьиэ кэргэнин аатыттан Далбаева Татьяна Константиновна 20.08.2019 с.