Ахтыылар
Сыл хонук дииллэрэ кырдьык эбит. Сэмэн барахсан күн.сириттэн күрэммитэ 1 сыла номнуо буолбут. Мин оҕо сааһым үтүө өйдөбүллэригэр күтүөтүм уобараһа эмиэ баар. Никита Никитич Кэрээкин Мэлдьэхсигэ кэлээтин кытта Мэлдьэхси эдэр ыччата испиктээкиллэри, кэнсиэрдэри хас бырааһынньык аайы туруорар буолбуттара. Ити кэмҥэ Мэлдьэхси начаалынай оскуолата аһыллыбыта. Оскуола дьиэтэ кулууб быһыытынан эмиэ туһаныллара. Саҥаһым Анньыыска онно остуорастыыра, мин кинилэргэ дьиэлэн үөрэнэрим.
Онон киэһээҥҥи бэлэмнэниилэрин утуйуохпар диэри көрөрүм. Оччотооҕу кэмҥэ оҕону үүрэллэрин өйдөөбөппүн. Онно.Сэмэн биир актыыбынай кыттааччы этэ. Ырыаҕа, испиэхтээххэ кыттара. Бэт ыччат үүнэн эрэр диэн кырдьаҕастар хайгыыллара. Улахан бырааһынньыктарга үҥкүү- битии бөҕө буолара , улахан кылааска үөрэнэр кэмнэрбэр кинилэри кытта бииргэ сылдьан оонньуурбут. Сэмэн бэккэ оһуохай таһаарара, маассабай үҥкүүлэри кыайа тутан үҥкүүлүүрэ. оччотооҕу эдэр ыччат актыыбынай позициялаах ыччата этэ.
Колхоз, сопхуос араас тас үлэтигэр кыайар-хотор үлэһитинэн биллэрэ. Тырактарыыстар куурстарыгар үөрэниэҕиттэн бастыҥ тырактарыыс аатын үрдүктүк тутан үлэтин түмүктээбитэ. Кини тыраактарын тыаһа сарсыарда эрдэ иһиллэрэ, аҕам Сэмэн Сиидэрэп үлэлии барда, ыаллар тура иликтэр диирэ. Эрдэһит, үчүгэй үлэһит киһи диэн куруук хайгыыра. Эрдэһит киһи үлэни кыайар- хотор диэн мэлдьи этэрэ.
Сэмэн биһиги эдьиийбитин Аананы кэргэн ылыаҕыҕыттан Тарбыыкын аймахтарга оҥорбут үтүөтүн ааҕан сиппэккин. Куруук өйөбүл - тирэх киһибит этэ. Эдьиий Ааналыын иллээхтик олорон оҕолонон - урууланан, сиэннэрдэнэн, хос сиэннэрдэнэн дьоллоохтук олордо. Икки өттүттэн бары аймахтары түмэр, үөрүүлэрин да кыһалҕаларын да тэҥҥэ үллэстэр үтүө санаалаах маанылаах ыалларбыт, дьоһун дьоннорбут.
Аҕа быһыытынан оҕолорун олохторун барыларын оҥордо, дьиэ - уот тутан биэртэлээтэ, материальнай да, моральнай көмөнү куруук оҥордо. Аал уоттарын отунна, иллээх дьиэ кэргэн буолалларын төрүттэстэ. Бары өттүнэн эйэлээхтик, бииргэ түмсэн олороллорун тэрийдэ. Төрүт сирин Дуураҥаны үйэлээх бэлэх гынан хаалларда. Ити сиргэ оттуу даҕаны, бултуу даҕаны, сир астыы даҕаны бары төрөппүт оҕолоро, кинилэр толору дьиэ кэргэннэрэ түмсэллэрин, төрүт сиргэ сүгүрүйэллэрин төрүттээтэ. Бу олус муударай толкуйтан, кэнэҕэһин даҕаны төрөөбүт дойдута кэхтибэтин санаан тэрийбитин үрдүктүк сыаналыыбын.
Үтүө киһи туһунан ахтыах- саныах баһаам да ахтыыбын кылгатыах.
Соҕотох бэйэм элбэх ыччаттанным, ол барыта эһиги Эдьиийгитин кэргэн ылан диэн, Аананы наһаа астынан туран миэхэ этэрэ. Бу киһим эҥин - дьүһүн буоллаҕына хайдах буолуохпун кыайан санаабаппын диэн сааһыран баран этэр буолбута. Ити тыллар кэргэнин дириҥник таптыырын, ытыктыырын, махтанарын туоһулууллар. Кырдьык, Эдьиий Аана ыалдьыбытыгар наһаа көрбүтэ, онон атаҕар туруорбута. Маннык дириҥ дууһалаах, ыраас тапталлаах этэ биһиги улахан Күтүөппүт.
Түмүкпэр Эдьиийим Аана барахсан оҕолорун, кинилэр дьиэ кэргэннэрин тапталларыгар угуттанан уһуннук олороргор, кырдьыыга- ыарыыга бэринимэ, Бырааттарым, балыстарым барахсаттар тапталлаах аҕаҕыт олоҕун холобур оҥостон кэскилии кэрэһэлии, уйгуну тэнитэ олоруҥ!
Эдьиигит Тамара Сэмэнэбинэ, 7.09.18