Ахтыылар
Убайбыт Сэмэн Сиидэрэп туһунан ахтыы
Сидоровтар аймах тумус туттар бастыҥ киһибит, Чурапчы Хоптоҕотун төрүт олохтооҕо, Эрилик–Эристиин аатынан колхоз, онтон совхоз бастыҥ туруу үлэһит тракториһа, улахан дьиэ-кэргэн Аҕа баһылыга – Сидоров Семен Егорович холобур буолар олоҕу олорон ааста. Кини аҕатын Сидоров Егор Прокопьевич (1901-1967) да өттүлэриттэн төрүт- уус бастыҥ геннаах аҕа уустарыттан үөскээбит эбит. Ону мин Сидоровтар аймах улахан төрүччүлэрин оҥорсоммун уонна Хоптоҕо нэһилиэгин историятын суруйсууга үлэлэһэммин чуолкайдык өйдөөбүтүм.
Семен Сидоров хос эһэтэ – Сидор Степанов – Сиидэр Кинээс 7 аҕа уустаах Хадар нэһилиэгэр уһуннук быыбарданан 15 сыл кинээһинэн үлэлээбит эбит. Аҕатын бииргэ төрөөбүт убайа – Сидоров Иван Прокопьевич (1872-1939) 1914 сыллаахха Хоптоҕо нэһилиэгин төрүттэспитэ, 1921 с. Дирин оскуолата аһыллыытыгар эмиэ улахан өҥөлөөх киһи буолар.
Сэмэн Сиидэрэп ийэтин удьуордара Мэлдьэхси Посельскайдара эмиэ үчүгэй геннаах, бөдөҥ-садаҥ, көнө-судургу майгылаах үлэһит аймах дьон буолаллар.
Сеняны олох кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрэ сахалыы абыычайы тутуһан, ийэтин төрөппүттэригэр Посельскайдарга улаатыар диэри ииттэрбиттэрэ. Кини улаатан, Эрилик колхозка үлэтин саҕалаабыта. Тарабукиннар аймах улахан кыыстара Анна Андреевналыын олохторун холбообуттара. Аана колхоз биир бастыҥ ыанньыксыта буолбута. Бу ыал 8 оҕону төрөтөн, бэйэлэрин холобурдарыгар иитэн-такайан, үөрэттэрэн олох суолугар үктэннэрбиттэрэ. Оҕолор, кэлин сиэттэр улаатан-үөрэхтэнэн, ыал буолан Сидоровтар аймаҕы хаҥата сылдьалларыттан биһиги чугас аймахтара үөрэбит. Ийэбит кийиитэ Аана элбэх оҕоломмутуттан үөрэрэ-суолталыыра.
Семен Егорович ханна да халбаҥнаабакка Эрилик-Эристиин колхозка, кэлин совхозка пенсияҕа тахсыар диэри гусеницалаах ДТ тракторынан үтүө суобастаахтык, үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэн, дьон-сэргэ махталын ылан үлэлээбитэ. Кини кыһын Мэлдьэхси алаастарыттан, ыраах сытар Мэҥэри, Халааны, Нуотара үрэхтэриттэн үксүн бытархан тымныыга сүөһү сиир отун тиэйиитин курдук үлэлэргэ экстремальнай усулуобуйаҕа күнүһүн – түүнүн аахсыбакка, өрөбүлэ суох үлэлээбитэ. Оттон сайынын от оттооһунугар, эмиэ ханна ыыталларынан, үрэх бастарыгар, үксүгэр звено салайааччытынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, оскуола оҕолорун үлэнэн иитиигэ кини кылаата эмиэ баар. Кини сүрүн үлэтиттэн быыс-арыт булан нэһилиэк ыалларыгар отторун-мастарын аккаастаабакка эмиэ тиэйэрэ. Сэмэн Сиидэрэп көмөлөспөтөх ыала Дириҥҥэ суох буолуохтаах.
Убайбыт Семен Егорович эргиччи талааннаах киһи этэ диэн эрэллээхтик бигэргэтэн суруйабын. Кини үчүгэйдик ыллыан-тойуктуон да сөптөөҕө да, үлэтигэр үтүрүттэрэн дьарыктамматаҕа. Эр киһи үлэтин бука барытын сатыыра эбитэ буолуо, уһанар дьоҕурдааҕа. Сайын оттуу сылдьан, мин бырааппар Капитонов Петяҕа туоһунан-маһынан үчүгэйкээн тууйаһы оҥорон бэлэхтээбитэ билигин да биһиэхэ баар. Кини пенсияҕа тахсыбыт бастакы сылыгар дьиэтигэр маһынан уһаммыта, бөҕө-таҕа мас сундуктары оҥорбута. Биһиги ыал икки сундуугу сакаастаан оҥотторбуппут Аммаҕа Аргуновтарга туһалыы сылдьар.
Семен Егорович Сидоров төрөөбүт-олохсуйбут нэһилиэгэ Хоптоҕо сайдарын туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллара, эдэр салайааччыларга сүбэ-ама биэрэрэ, эдэр коллегаларыгар трактористарга солбуллубат наставник этэ.
Мин убайбытын Сеняны аан бастаан 1950 с. Дириҥҥэ ийэлээх-аҕата -Настаалаах-Дьөгүөр Сулҕаччыттан саҥа кэлбит сылларыгар көрбүтүм. Онно кини оскуолаҕа үөрэнэригэр кэтэр хомуһуоллаах чороччу улаатан эрэр уол Чурапчыттан кэлэн барбыта. Мин оччолорго 5 эрэ саастаах буоламмын, кини эбээ Настаа, эһээ Дьөгүөр төрөппүт соҕотох уоллара буоларын кэлин өйдөөбүтүм.
Онтон убайдаатар убайбытын Сеняны кытта тиһэх көрсүһүүм 2017 с. күһүөрү буолбута. Биһиги төрөппүт ийэбитигэр Сидорова Ульяна Федоровнаҕа анаан оҕолоро түмэн-үбүлээн кинигэ таһаартарбыппыт. Кинигэбит бэчээттэнэн Якутскайтан кэлээтин кытта, мин кинигэбин бэлэхтии убайым аахха тахсыбытым. Олох сотору көһөрүллүү оҕолорун-аймахтарын кытта Өлүөнэ өрүс устун Быков Мыска диэри уста бараары сылдьар этим. Убайым Сеня кинигэни сэргээбитэ, кэлин сиһилии аахпытын оҕолоро кэпсээбиттэрэ. Сенялаах Аана кыра кыыстара Саргы кыракый оҕотунаан Ньурбаттан күүлэйдии кэлбит этэ. Саҥа буспут сылаас баахылалаах чэйдээбиппит, истиҥник кэпсэппиппит. Мин дьиэбэр бараары турдахпына, убайым Сеня илиитин биэрэн, бүтэһигин быраһаайдаспыт этэ... Кини илиитэ муус курдук тымныы этэ...
Биһиги дьиэ-кэргэн саамай ыарахан күннэрбитигэр – ийэбитин, эдьиийдэрбитин: Лананы, Айыысаны сүтэрэн, тиһэх суолларыгар атаарыыга убайдаатар убайбыт Семен Егорович Сидоров дурда-хахха, күүс-көмө буолбутугар муҥура суох махталлаахпыт.
Ханнык баҕарар киһи төрүттэрин үчүгэйдик билиэхтээх, төрүччүтүн Аал-Луук маһын оҥостуохтаах. Убайбыт Сеня биһиги эдьиийбинээн Светлана Капитоновалыын уонча сыл хомуйан-түмэн Сидоровтар аймах уратылаах төрүччүлэрин, педдинастияларын оҥорон “Прокопий Сидоров ыччаттара” – диэн 2003 с. кинигэ таһааттарбыппытыгар олус үөрбүтэ. Ити сыл саас, Дириҥ агрооскуолатыгар Сидоровтар педдинастияларын чиэһигэр республиканскай научнай-практическай конференция аһыллыытыгар кыттыбыта, аал уоту оттон, айах-тутан алҕаабыта! Семен Егорович оҕолоро, сиэттэрэ аҕаларын төрүттэрин-аймахтарын туһунан соторутааҕыта тахсыбыт маннык кинигэлэртэн ааҕан билиэхтэрин сөп: “Хоптоҕо I том” 2014 с., “Хоптоҕо II том”, “Сидорова Ульяна Федоровна” – 2017 сыл.
Убайбыт Сэмэн Сиидэрэп бу орто дойду олоҕуттан ыарахан ыарыыттан төһө да букатыннаахтык бардар, кини олоҕо оҕолоругар, сиэттэригэр салҕанар Үтүө киһи аата үйэлэргэ умнуллубат...
Ахтыыны суруйдум аймаҕа: Капитонова Елена Петровна,
от ыйа 2019 с., Хоптоҕо нэһилиэгэ, Чурапчы улууһа.