Ахтыылар
Оҕо саастан алтыспыт доҕотторум туһунан истиҥ санаа өйдөбүлэ
Сыл-хонук наһаа түргэнник устара сүрдээх эбит диэн сааһыран олорон өйдүүбүт. Ол курдук санаан кэллэххэ биһигини кытта бииргэ сүүрэн-көтөн улааппыт Мэлдьэхси ыччаттара Сидорова Анна уонна Сеня тустарынан ахтан санаан ааһыам. Мин бу ахтыыбын өссө 2014 сыллаахха Сенялаах Анна көмүс сыбаайбаларыгар анаан суруйбутум.
Биһиги Анналыын Мэлдьэхси оскуолатыгар үөрэнэр эрдэхпититтэн оҕо сааспыт бииргэ ааспыта. Оччолорго Мэлдьэхсигэ интернатка олордохпутуна ийэтэ Анисия интернатка повардыыр этэ. Интернат “Аччыгый Алааска” хоту сыыр анныгар баара. Интернат дьиэ салҕыытыгар Тарабукин Андрейдаах, Еримеев Николайдаах олорор этилэр. Интернат оҕолоругар оччолорго бас-көс киһибитинэн Тарабукин Илларион этэ. Кини тылыттан олох тахсыбат этибит. Анна оччолорго сытыы-хотуу, кытыгырас Өндөрөй улахан мааны кыыһа этэ. Сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньууларга, холобур “Балаах былдьаһыыта” да буоллун, “Лаптаҕа” кытыгырас буолан былдьаһыкка сылдьар этэ. Мэлдьэхсигэ оскуоланы бүтэрии саҕана атаҕынан ыалдьар буолбута, онно ийэтигэр эттэҕинэ “улаатаары” ыалдьарын буолуо диэн аһаран кэбиһэр эбит. Эмп-томп да суох буолан, кини оччолорго көһүүгэ сылдьыбыта охсон сыынгалаан ыалдьар эбит. Оскуолабытын бүтэрэн аны “Дириҥ” интернатыгар Мэлдьэхси оҕолоро сүрдээх иллээх-эйэлээх этибит. Биһиэхэ, Мэлдьэхси оҕолоругар убайдарбыт Никита Корякин саҕаттан традиция баар эбит. Ол каникулга дойдубутугар наар концерт кэһиилээх тиийэр буоларбыт. Дьоннорбут барахсаттар кэтэһэн олорор буолаллара. Оччолорго биһигини Илья Попов салайар этэ. Анна онно сүрдээх чэпчэкитик үҥкүүлээн тэйэрэ, төһө да атаҕа ыарыйдар. Бу концертпытын Бэппээ Харытыанаптарга бэлэмнэнэр этибит. Аны санаатахха Морууса (Божедонова Мария) биһик ороҥҥо сытар кырачаан кыыс этэ.
Мин онуһу бүтэрэн колхозка биир сыл үлэлээбитим кэннэ “Таппалаах” ферматыгар ыанньыксытынан ыыппыттара. Онно бааллара Романова Мотрена, Корякина Мария, Корякина Александра, Жиркова Анастасия, Тарабукина Анна, Далбаева Мария буолан олус ситиһиилээхтик үлэлээбипит. Фермабыт ыччат “Коммунистическай үлэ ударнига” ааты ылбыта. Анна бу уһун сыралаах үлэтэ ситиһиилэрдээх буолан элбэх наҕараадалардаах “Үлэҕэ туйгунун” иһин медаллаах. 1961 сыллаахха мин үөрэнэ барбытым. Үөрэхпин бүтэрэн үлэлии сылдьан “Абыйга” Пестерева Таняттан сурук туппутум. Онно Сидоров Сеня, Тарабукина Аннаны кэргэн ылбытын туһунан.
Ол кэмтэн хайы-үйэ Сенялаах Анна ыал буолбуттара “50 сыла” буола охсубут эбит. Оччотооҕу ыччаттар билигин сааһыран эһээ-эбээ буолан олордохпут. Сыл-хонук наһаа түргэнник устар.
Сеня Сидоров оҕо сааһа Чурапчыга аастаҕа. Биһиги оҕо сылдьан “Таппалаах”, “Тыыраахылаах” ферматыгар ийэбит ыанньыксыт буолан үксүн ол эргин олорор этибит. Онно “Чурапчы уолаттара” Сеня Сидоров быраатынаан Корякин Ванялыын кэлэн ааһар этилэр. Кинилэр эһэлээх-эбэлэрэ “Дуураҥаҕа” олорор эбиттэр. “Чурапчы уолаттара” иккиэн даҕаны ферма оҕолорун курдук буолуохтара дуо, ыраас таҥастаах уп-уһун уҥуохтаах эмдэй-сэмдэй уолаттар этилэр. Сеняны кэлин дойдутугар тахсан үлэлиэҕиттэн билэбин. Мин убыйбыныын Миитэрэйдиин олус табаарыстыы этилэр. Бэйэ-бэйэлэрин наһаа убаастаһаллара. Колхозка, совхозка туруу үлэһитбуолбуттара. Иккиэн тутууга, кэлин тракторист буолан баран өйөнсөн хардарыта көмөлөсүһэн истиҥ табаарыстыы этилэр. Ийэтэ Настаа наһаа да үчүгэй эмээхсин этэ. Уолун батыһан “Аччыгый алааска” биир сыл биһиэхэ дьукаах олорбуттар этэ. Кэлин билбиппит биһиги Сидоровтар Собакиннарынан аймахтыы буолбуппутун. Семен Егорович совхозка тракторист сыралаах үлэтигэр ситиһиилэрдэнэн барбыта. Үлэтигэр эрэ буолбакка киһи быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыанынан, майгытынан нэһилиэккэ биир тарбахха баттанар дьоһун киһи буолбута.
Мин Уйбаанныын холбоһон бу ыалга икки өттүнэн аймахтыы буолан бэйэ-бэйэбитин кытта ыал быһыытынан истиҥ сыһыаннаах этибит. Уйбааннаах Сэмэн убай-быраат курдук санаһан истиҥник көмөлөсүһэр, убаастаһар этилэр. Нэһилиэк олоҕор ханнык баҕарар тэрээһиннэргэ активнайдык кыттар этилэр. Сэмэн Егорович нэһилиэккэ ветераннар хордарыгар өр сылларга кыттан, ыллаан-туойан хор коллективыгар элбэх махталы ылбыта. Түөлбэҕэ ыытыллар тэрээһиннэргэ, спортивнай күрэхтэһиилэргэ биир активнай кыттааччы буолара.
Анналаах, Семен Хоптоҕо нэһилиэгэр биир убаастанар, элбэх ыччаттаах, кэскиллээх ыаллар. Билигин сааһыран олорон толкуйдаатахха хайы-үйэҕэ биһигии кытта тэҥҥэ булкуһан улааппыт уоллах-кыыспыт 50 сыл бииргэ олорбут “Кыһыл көмүс” сыбаайбалара буолан бииргэ үөскээбит үөлээннээхтэрин ыҥыран үөрбүппүтүн олох умнубаппыт. 50 сыл бииргэ олоруу киһи аайы бэриллибэт. Биһиги аймахпыт доҕорбут Семен Егорович Тарабукиннарга дьоллоругар түбэспит күтүөтүнэн сыаналыыбыт. Кини бу ыалга аҕалара эрдэ өлөн тулаайах хаалбыт дьиэ кэргэҥҥэ аҕа-баһылык буолан иилээн-саҕалаан дьиэ-уот тутан оҕолору атахтарыгар туруорсан бары нэһилиэккэ убаастанар ыаллар буолан олороллор. Семен барахсаны кытта кэлин уулуссаҕа, маҕаһыыҥҥа да көрүстэххэ илии тутуһан эҕэрдэлэһэн көрсөөччүбүт. Улахан ыарыыга ылларан да баран хаһан даҕаны онтукатын биллэрбэккэ үөрэ-көтө көрсүһэр этэ. Бу курдук түргэнник барыа диэн хайабыт да өйбүтүгэр суоҕа. Үтүө доҕорбут, аймахпыт кини үтүө мөссүөнэ, эйэҕэс мичээрэ умнуллубат өйдөбүл буолара саарбаҕа суох.
Ахтыыны суруйда М.Л. Далбаева. Сеня уонна Анна быстыспат сибээстээхтэрин иһин иккиэннэригэр ахтыы суруйдум.
2019 с. от ыйа