Ахтыылар
Эрэллээх табаарыс этэ
Мин 1964 сыллаахха ветеринар үөрэҕин бүтэрэн дойдубар Эрилик совхозка үлэҕэ ананан кэлбитим. Сиидэрэп Сэмэн Дьөгүөрэбис уонна Анна Андреевна ыал буолан олорор этилэр, ол кэмтэн ыла Сеняны билэбин. Ийэтэ Анастасия Прокопьевна кинилэри кытары олороро. Сүрдээх сымнаҕас, мэлдьи кыһалла-мүһэллэ сылдьар, холку, намыын саҥалаах эмээхсин этэ. Урут элбэхтэ көрбөтөх киһим этэ. Эрилик совхоз саҥа тэриллэригэр киинэ Одьулууҥҥа баара, онно эдьиийим Агафья Поисеева бухгалтерынан үлэлиирэ. Онно сайын ыһыахха барбыппыт, улахан ат сүүрүүлээх эҥин ыһыах этэ. Онно Аня Сенялыын бааллара, олус үөрбүт-көппүт дьоллоох этилэр. Аня туһунан кэпсээтэххэ, биһиги сэрии кэннинээҕи оонньооботох оҕо сааспыт Мэлдьэхсигэ “Аччыгый алааска“ ааспыта. Кинилэр көһөрүү кэниттэн кэлбит этилэр. Улахан оҕолоро Аня, Маша уоннааҕылара кыралар этэ. Биһиги ыал улахан оҕолоро буоламмыт оҕо көрүүтэ, лэппээски буһарыыта, ынах-ньиирэй хомуйуута, бырааттары, балтылары аһатыы, таҥыннарыы биһиги эбээһинэспит буолара. Оҕо саас ааспыта ыраатта эрээри сырдык өйдөбүл буолан үйэлэргэ хаалыа.
Мин онуһу 1958 сыллахха бүтэрэн Эрилик совхозка производствоҕа үлэлии тахсыбытым. Ол саҕана Аня колхозка ньирэй көрөрө “Уу сүүрэр“ диэн алааска мин эмиэ ньирэй көрөөччү буолбутум. Онтон күһүн кини “Таппалаах“ фермаҕа доярканан, мин “Аччыгый алааска“ борооску көрөөччүнэн үлэбин саҕалаабытым. Онтон мин салгыы үөрэнэн 1964 сыллаахха ветфельшер идэтин ылан Эриликкэ үлэлээн барбытым. Сенялаах Аня холбоһон ыал буолан уолламмыт этилэр. Аня ол да буоллар доярканан үлэлиирэ. Сенялаах элбэх оҕо аҕата-ийэтэ буолбуттара. Аня дояркалыырын тохтоппокко үлэлээн оҕолорун көрөн-истэн улаатыннарбыттара. Аня үлэтигэр сайын сыл аайы үрдүк кирбиилэри ылан, мээнэ киһи кыайбат үлэтин кыайбыта. Кыра хатыҥыр элбэх оҕолоох киһиэхэ элбэх күүһү, өйү-санааны, сыраны-сылбаны, үлэҕэ дьүккүөрү эрэйэрэ биллэн турар. Кини бастыҥнар ахсааннарыгар дьоһуннук киирбитэ. Оройуон үрдүк көрдөрүүлээх ыанньыксыта буолан почетнай грамоталарынан, махтал суруктарынан, “Үлэҕэ ситиһиитин“ иһин мэтээлинэн, путевканан наҕараадаламмыта. Нэһилиэк, оройуон почетнай кинигэтигэр киирбитэ. Манна кини киһи быһыытынан көнөтө, ыраас сырдык санаата, дьоҥҥо үчүгэй сыһыана, үлэтигэр дьулуура, эппиэтинэстээҕэ өтө көстөрө. Итини барытын кини мунньахтарга, слеттарга түспүт хаартыскалара, өйдөбүнньүк бэлэхтэрэ туоһулууллара. Маннык ситиһиилэргэ Аня эрэллээх доҕоро, кэргэнэ Семен Егорович көмөтө-өйөбүлэ тирэх буолара. Кэлин оҕолоро улаатан хотон үлэтигэр көмөлөһөллөрө. Мин Гошаны, Сеняны үгүстүк көрөрүм. Оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ эриллэн, буһан-хатан, иитиллэн, үлэһит үтүөлэрэ, үөрэхтээх дьоннор буола улаатан республика бары сиргэр үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Мин бииргэ үөскээбит, үллээбит дьүөгэм Аня кэргэнэ Семен уонна кэргэним Дмитрий Егорович эмиэ табаарыстыы этилэр. Иккиэн механизатор идэтин ылан Сеня ДТ-75, Миитэрэй МТЗ-82 тракторга үлэлээн эдэр саастарын анаабыттара. Сайын механизированнай звеноҕа үлэлииллэрэ, хас да төгүл соцкуоталаһыы кыайыылаахтара буолан убаһанан премия ылаллара. Кыһынын от-мас таһыыта, котельнайдарга оттук мас тиэйиитэ, частнайдарга от-мас таһыыта, онтон да атын үлэлэргэ сылдьаллара. Саҥа дьиэ туттар ыаллар Сенялаах Миитэрэй көмөтө суох буолбаттар этэ. Мин 1969 сыллаахха Миитэрэйдиин сыбаайба оҥорбутпут онно табаарыстара Сеня Сидоров, Тарабукин Ваня, Пинигин Гоша сүүрэн-көтөн көмөлөһөн тэрийсибиттэрэ.
Сеня дьонҥо барытыгар көмөлөһөн дьон-сэргэ махталларын ылыан ылара. Эрилик совхоз оройуонҥа, республикаҕа тиийэ аатырарыгар Сидоров Семен Егорович курдук ыччаттар баар буолан үлэни өрө туппуттара, олох иннин диэки эрдээхтик хаампыта. Үлэлээбит үлэтэ сыаналанан “Тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ“ үрдүк аатын механизатордар ааттарыттан Сеня ылбыта, элбэх знактарынан, грамоталарынан, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ. Сеня Сидоров аата дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар умнуллуо суоҕа.
Ахтыыны оҥордум Васильева Парасковья Александровна,
Дириҥ бөһүөлэгэ.