Ахтыылар
Кардашевскай В.Г. бэйэтин үлэтин туһунан ахтыыта
Мин 1944 сыл тохсунньу 24 күнүгэр Одьулуун нэһилиэгэр уон үһүс оҕонон Кардашевскай Гавриил Александрович, Кардашевская Елена Максимовна дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. 1962 сыллаахха Чурапчы орто оскуолатын бүтэрбитим комсомол путевкатынан Кытаанах отделениетыгар хонуу үлэһитинэн, тракториһынан үлэлээбитим уонна армияҕа 1963 сылтан 1966 сылга диэри үс аҥаар сыл сулууспалаабытым. Армия кэнниттэн 1967 сыллаахха Омскайдааҕы тыа хааайыстыбатын институтугар үөрэнэ киирбитим. Барарбар Эрилик-Эристиин колхозка договордаспытым уонна 1972 сылга бүтэрэн баран колхозка главнай инженеринэн үлэбин саҕалаабытым уонна колхоз совхоз буолуор диэри үлэлээбитим.
Ол кэмҥэ колкозка 60-ча араас мааркалаах трактор 30-ча массыыналаах этэ. Механиктарынан Кирил Николаевич Пестерев, Осипов Николай Константинович уонна автомеханигынан Васильев Иван Егорович үлэлиир этилэр. Колхоз бары отделениятыгар кыһын от таһыыта, уокка оттор мас таһыыта сүрүн үлэ этэ. Тракторынан Нуотараттан, Халааныттан, Мэҥэриттэн таһаараллара. Оччолорго үксүн ДТ маркалаах тракторынан таһар этибит.
Мин үлэбин саҕалыырбар саҥа мастерской үлэлии турар этэ, мастерской сэбиэдиссэйинэн Лукин Алексей Петрович үлэлиирэ. Мастерскойга бэйэлэрин идэлэрин баһылаабыт үлэһиттэр үлэлииллэрэ. Ол курдук ууһунан Старостин М.Н., токарынан Герасимов П.В., сваршигынан Сергеев В.Н., слесарынан Романов С.П., складка Шадрина А.М.
Мастерскойга трактордары капитальнай, текушай ремону ыытар этибит. Ремон ыытарга запчас тиийбэтэ, аҕыйаҕа. Онон эргэни саҥардан оҥоруу күүскэ барара. Обкаткалыыр стендэ суоҕа мэһэйдиирэ. Мастерской үлэһиттэрэ уонна автогараж слесардара, наладчиктара ордук таһаарыылаахтык Иванов П.А. уонна Филиппов И.А. салайар кэмнэригэр үлэлээбиттэрэ. Ол курдук саҥа үлэһиттэр эбиллибиттэрэ, электрик Яковлев И.Н., моторист Андросов Н.П., токар Хоютанов И.Д., Пинигин Яков эбиллибиттэрэ.
Колхоз, совхоз шефтээх тэрилтэлэригэр сибээһи тутарга бары көмөлөөн үлэлиир этибит, сүрүн киһибитинэн Архипов П.Б. буоларар. Чугас оройуоннар инженердэрин, механиктарын кытта ыкса сибээһи тутарбыт. Ордук запчааһынан, с/х техниканан элбэхтик көмөлөсүһэр этибит.
Туох баар таһыы-тиэйии үлэтэ, от-мас тиэйиитэ техника үлэлиириттэн, уматык, оҕунуох баарыттан тутулуктаах этэ. Совхоз ылга 700 т. д/т, 400 т. Бензини, 80 т. араас мааркалаах арыыны ороскуоттура. Ону барытын Сельхозтехника, бэйэбит суоппардарбыт таһаллара. Кэлин саҥалар эбии киирэн испиттэрэ, үрдүк үүнүү икки звенота, АВМ звенота, суолу оҥоруу, сиилэс звенота, тутуу техниката, онон отделение аайы механиктар баар буолбуттара, техобслуживаниетын ыытар наладчиктар баар буолбуттара. Совхоз техниката 110 шт. араас мааркалаах трактордар, 60-ча араас мааркалаах автомашиналар баар буолбуттара. Элбэх суоппар, тракторист үлэлиир. От таһыыта ст дьылларга ордук ыраппыта. Ол курдук Нуотара, Тойон арыы, Кэбээйи, Горнай, Бүлүү, Нам оройуоннара буолбуттара. Суоппардар үтүө суобастаахтык түүннэри күнүстэри үлэлииллэрэ. Онон ууга-бадарааҥҥа буккуллубакка этэҥҥэ сыл тахсар этибит.
Совхоз эстэригэр бары техниканы, запчааһы, ремматериалы комиссия тэрийэн отделениенан түҥэппиппит. Мин суоппардар, трактористар тустарынан суруйбатым, кинилэр тустарынан бэйэлэрин ахтыылара, бииргэ салайан үлэлээбит специалистар ахтыылара кинигэҕэ суруллубутунан.
Ол кэмҥэ бииргэ үлэлээбит инженердэрбин, механиктарбын наһаа үчүгэйдик саныыбын уонна наһаа да көхтөөхтүк үлэлээбит эбиппит. Мин кэлин «Наһаар» диэн бааһынай хаһаайыстыба баһылыга буолан 20-чэ сыл үлэлээн баран, чааһынай сүөһүбүн көрөн олоробун.
Ахтыыны суруйдум Кардашевскай Василий Гаврильевич.