Ахтыылар
Анна Андреевна уонна Семен Егорович Сидоровтар тустарынан истиҥ ахтыы
Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ 1964 сыллаахха аҕабыт ыалдьан олохтон туораабыта. Ийэбит 4 кыра оҕолоох хаалбыта. Улахаммыт 4 кылааска үөрэнэр этэ. Онтон ыла биһиэхэ Семен Егорович күүс-көмө, сүбэһиппит буолбута. Биһиги кинини Сеня Сидоровынан ааттыыр этибит.
Онтон 1968 сыллаахха биһигини Мэлдьэхситтэн көһөрөн аҕалбыта. Бары ол сыл дьукаах олорбуппут, кинилэр саҥа дьиэлэригэр. 1974 сыллаахха саас мас кэрдэн, тыаттан соһон киллэрэн, ол сайын дьиэ көҥдөйүн тутан дьэндэппиттэрэ. Нөҥүө сылыгар ситэрэн-хоторон күһүн саҥа дьиэлэммиппит. Онно барытыгар убайбыт үлэлии-үлэлии сыраласпыта.
Кини колхоз-совхоз эрдэхтэн тырахтарыыстаабыта. Сайын от звенотугар, кыһын от таһыытыгар уһуннук үлэлээбитэ. Киин бөһүөлэккэ, отделение ото тиийбэт буолан сыл аайы соҕуруу нэһилиэктэртэн от таһар этибит- Мэҥэри, Бэрэ, Минньиэлэ- үрэхтэриттэн. Онно барарга түүн 2-3 чааска туран барарбыт уонна киэһээ 9-10 чааска кэлэр этибит. От тиэйиитигэр 4-5 тыраахтарынан барар этибит уонна сарсыарда тураат аны арҕаа Куохара үрэҕиттэн, алаастартан аҕала барар этибит. Ол быыһыгар ыалларга киэһээ өттүгэр баран кэлэллэр, быыһыгар тыраахтардарын көрүнэллэр. Аны өр буола- буола Халааны үрэҕэр баар фермаҕа от тиэйэ, хоно-өрүү бараллар. Онно тыраахтардарын кыһыҥҥы тымныыга түүннэри үлэлэтэн кэтээн хоннороллор. Төннөлөрүгэр от илдьэ кэлэллэр. Ол үлэлии сылдьан өрөбүллэригэр ыалга, дьиэ туттааччыларга мас трелевкалыы тахсаллар. Киэһэ эрдэ кэллэхтэринэ ол мастарын соһо тахсаллар. Оннук өрөбүлэ да суох үлэлиилэр этэ. Сэмэн оннук элбэх ыалга дьиэ тутталларыгар көмөлөспүтэ.
Окко сылдьан Сэмэн дьонун көрө-истэ сылдьар этэ. Уолаттар бары ытыктыыр, убаастыыр, кини этиитин ылынар этилэр.
Биирдэ Сэмэнниин Күндүл анараа өттүттэн от аҕалан иһэн Күндүл күөлүгэр кыһыл саһыл сылдьарыгар түбэһэн, оппутун арааран баран тыраахтарбытынан эккирэтэн көрбүппүт, саабыт суох. Сылгы хаһыытыгар киирдэҕинэ куотар, тэпсиллибэтэх хаарга ситэн ылабыт. Онон-манан быраҕан көрөбүт да, таппатахпыт, кэнники тумус тыаҕа киирэн сүтэн хаалбыта.
Биирдэ тыа суолунан баран иһэн тыраахтарын тохтотон баран куртуйахтар түспүттэр диэбитэ. Ону тахсан үргүтэн хаар анныттан көтөн тахсалларыгар маһынан охсон сыыһан кэбиспиппит.
Сэмэн маһынан эмиэ уһанар этэ. Оттуу сылдьан эбиэккэ туоһунан тордуйа оҥоро охсор этэ. Онно чэй куттахха түргэнник сойор эбит этэ. Өйүө арыы угарга анаан тууйас оҥорор, онно угуллубут арыы ирбэт, ууллубат буолара. Таҥас сап угарга анаан хоппо дьааһык, ньирэй угар килиэккэтин оҥороро.
Анна Андреевна эдэр эрдэҕиттэн ыанньыксыттаабыта. Оҕо сылдьан биир сайын, Ыарҕа сайылыкка сайылаан олордохторуна, күүлэйдии Мэлдьэхситтэн баран 2-3 хонон кэлбитим. Онно миэхэ саахымат таҥаһынан ырбаахы тигэн биэрбитэ. Инньэ гынан саҥа ырбаахы кэтэн үөрэн барбытым.
Убайдарбыт Михаил Прокопьевич, Иван Никитич уонна Семен Егорович тэрийиилэринэн өтөхпүтүгэр Дуураҥаҕа аймахтары түмэр ыһыах ыһар этилэр. Онно бары аймахтар мустан хоно сытан билсэн, күрэхтэһэн, ыллаан-туойан, кэпсэтэн, сэргэхсийэн күүс-уох ылан тарҕаһарбыт.
Мин оскуолаҕа үлэлии сылдьан Дириҥҥэ хортуоппуй үүннэрэр биригээдэҕэ, салайааччылара Новгородов Н.Н., туһунан үөрэтэр оҕолорбор дакылаат суруйтарбытым. Оччолорго Новгородов суох буолан биригээдэ үлэһитигэр Пестерев Василий Гаврильевичка (Торуой Бааска) дьиэтигэр тиийэн үлэлэрин сураспытым. Василий Гаврильевич кэргэн Мария (Торуой Морууса) Баһылайдаах Сэмэни наһаа истиҥник саныылларын, мэлдьи табаарыстаһалларын кэпсээбиттэрэ. Сэмэн таһынан көрө сылдьан отторо бүтээри гыммытын көрөн отторун аҕалан биэрэр эбит. Ол курдук бэйэтэ ис сүрэҕиттэн дьонугар сэргэтигэр сырдык ыраас сыһыаннаах, көмө тирэх буола сылдьар үлэһит киһи этэ.
Аҕыйах сылллааҕыта Гаанньам Сэмэҥҥэ наадалаах буолан киэһэлик күүлэйдии бара сылдьыбыппыт. Аана дьиэҕэ баара Сэмэни - Хотоҥҥо ынаҕар сылдьар- диэбитигэр, хотоҥҥо тиийбиппит Сэмэн ынах ыан элээрдэ олороро. Онно күлэ-күлэ эдэр сылдьан Аанабар көмөлөспөтөҕүм онон билигин сынньатабын диэбитэ.
Эдэр сылдьан кохоз, совхоз үлэтигэр биир төһүү үлэһит этэ буоллаҕа, инньэ гынан тыраахтарынан, оччолорго үксүтэ ДТ-75 тыраахтар буоллаҕа, бөлөрүүс курдук түргэн буолбатах, бытаана, тыаһа-ууһа, мөлтөх киһи тулуйан үлэлээбэт техниката. Кэлин бырааһынньыктарга ыллыыра уонна эдэр сылдьан тыраахтарбар олордум да ыллыырым, туойарым, онтон ыла ыллыыбын диэн күлэ-күлэ кэпсиирэ.
Аана тиийдэрбит эрэ аһын тардыбытынан бараааччы, хайаан да чээйдэтэн, хайдах-туох олорорбутун ыйыталаһан, сүбэ-ама биэрээччи.
Ааналах Сэмэн наһаа борустуой, үлэни өрө туппут, ниһилиэк биир киэн туттар, ытыктанар ыала этилэр. Ааналаах Сэмэҥҥэ биһиги ыал сүбэлэригэр, көмөлөрүгэр махталбыт муҥура суох, куруутун өйдүү-саныы сылдьыахпыт.
Ахтыыны суруйдубут Клара, Гаврил Собакиннар
Дириҥ нэһилиэгэ. 26.01.2023 с.