Ахтыылар
Үтүө өйдөбүлүнэн саныыбын
Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн чугастык ылынар, истиҥник саныыр убайбыт - Сиидэрэп Сиэнньэ. Колхозка, совхозка трактористыыр этэ. Нэһилиэк ыаллары ото-маһа, ферма сүөһүтүгэр от, дулҕа, талах тиэйиитигэр барытыгар сылдьара.
1967 сыллаахха Нестерев Ньукулай звенотугар бииргэ оттообуппут. Сарсыарда сииктээхтэн киэһэ хараҥарыар диэри тура үлэ буолара. Ол устатын тухары убайым тракторыттан түспэт. Итиитин-буһуутун, тыаһын, сылаатын барытын тулуйара.
Кэбиһии буоллаҕына хаалбыт оту харбыы-харбыы тракторы сырсарбыт. Сиртэн сиргэ көһөргө сээкэйбитин тиэнэн сыарҕаҕа олорсорбут. Хайдах иһэллэр диэн эбитэ дуу сөп-сөп кэннин хайыһан киэн баҕайытык көрөөччү, ол аайы биһи "уулуу турар оҕус хараҕын курдук" дии-дии күлэн бөҕө буолааччыбыт.
Дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах, оҕолору да мөҕөрүн, сэмэлиирин өйдөөбөппүн. Оҕолуун, улахан дьоннуун убайбын убаастыыллар этэ.
Дьиэтигэр баарыгар аҕам тугу эмит сорустаҕына тута, эбэтэр болдьообут кэмигэр кэлэн көмөлөһөөччү. Оччолорго техника аҕыйах, бокуойа суох да буоллар болдьообут кэмигэр кэлээччи. Аҕабытын ытыктыыра, биһиэхэ эмиэ балтыларым диэн болҕомто уурааччы.
Сайын дойдубар тиийдэхпинэ ыһыахха көрсөн кэпсэтээччи, хайдах дойдуга тиийэн олорорбун сураһааччы. Оҕолоро кыралар этэ, онон бодоруспатахпыт.
Чугас аймахтарбытыттан үтүө өйдөбүлү хаалларбыт убайбын Сиидэрэп Сэмэни куруук саныыбын.
Татьяна Петровна Ан-Федулова,
Российскай Федерация норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Үөрэнээччилэр биһириир учууталлара,
Учууталлар учууталлара, Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.