Ахтыылар
Убаастыыр убайым Сиэнньэ.
Дьулуурдаах үлэлэринэн, дьоҥҥо сайаҕас кыһамньылаах сыһыннарынан, дьон-сэргэ истиҥ махталын, убаастабылын ылбыт аҕа саастаах көлүөнэ биир бэрэстэбиитэлэ биһиги убайбыт Сиэнньэ Сиидэрэп. Кини биһиги ийэбитин кытта ини-биилэр оҕолоро, Дуураҥаҕа олохтоох Мааһыла Байбал сыдьааннара, сиэннэрэ.
Оҕо эрдэхпитинэ ийэбит Өлөөнө аймахтарын туһунан, бииргэ төрөөбүт икки Настаа диэн эдьиийдэрдээҕин кэпсиирэ. Ол Настаалар оҕолоруттан биирэ кыыһа, биирэ уола тимир көлөнү баһылаан тракторист буолбуттарын туһунан истиҥник дьоммут кэпсэтэллэрэ, кинилэр ситиһиилэриттэн үөрэллэрэ.
Алта уонус сыллардаахха чуурка гараж тутуллан биһиги аҕабыт харабылынан үлэҕэ киирбитэ. Онтон ыла Сиэнньэлиин чугастык алтыспыттара быһыылааҕа. Үөрэх бүтэрэн Сунтаарга үлэлии сырыттахпына: “Сиэнньэ Сиидэрэп дьиэбит маһын аҕалла” диэн үөрүүлээх, оппутун-маспытын тиэйдэ диэн аҕам махталлаах суруктара кэлитэлиирэ. Дойдубар үлэлии кэлэн баран убайым Сиэнньэ дьулуурдаах үлэтинэн, амарах майгытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ дириҥник убаастанарын, механизатордар ортолоругар авторитеттааҕын, салайааччылар киниэхэ бүк эрэнэллэрин билбитим. Ол иһин ыраах үрэхтэртэн от-мас тиэйиитигэр кинини ыыталлара. Саҥа трактористыыр эдэр уолаттары баһылаабыт идэтин мындырыгар уһуйара, үөрэтэрэ, сүбэлиирэ-амалыыра. Бэйэтин курдук үлэҕэ эппиэтинэстээх, дьулуурдаах трактористары иитэн таһаарбыта, Григорий, Константин Божедоновтар о.д.а. Убаай Сиэнньэ биһиги дэриэбинэҕэ от-мас тиэйбэтэх ыала бука суох буолуо. Дьон кыһалҕатын чугастык ылынан көрдөстөллөр эрэ көмөлөһөрө. Кэлин дьаһалтаҕа үлэлии олордохпуна “Балтым туох солун?” – диэбитинэн киирэн кэлэрэ.
Убаай Сиэнньэ нэһилиэк кырдьаҕастарын хоругар сылдьыбыта. Кэлин биһиги кэммитигэр соҕотоҕун да кэлэн ыллыыра. Хор юбилейыгар салайар кыргыттарбар диэн тууйас оҥорон Фекла Ивановнаҕа, Наталья Петровнаҕа бэлэхтээбитэ. Талах олоппос оҥорон народнай театрга наада буолуо диэн бэлэхтээбитэ.
Студенныы сылдьан сайын каникулга кэллэхпитинэ от звенотугар үлэлиирбит. Биир сайын убайым полумех звенотугар үлэлээн социалистическай куоталаһыыга бастаан убаһанан бириэмийэлэммиппит. Сайыны быһа үс биригээдэ охсооччулар, мунньааччылар, кэбиһээччилэр бэйэ бэйэбитин эккирэтэн сиппэтэхпит. Үлэ үмүрүйбүтүн кэннэ Чараадаҕа мустан убаһабытын сиэбиппит. Онно бары бииргэ мустан үөрэн-көтөн, ыллаан-туойан, үлэ түмүгүттэн сүргэбит көтөҕүллэн онньоон-көрүлээн ааспыттаахпыт. Онно кырдьаҕастыын-эдэрдиин Сиэнньэни дириҥник убаастыылларын көрбүтүм.
Дьону куруук үөрэ-көтө көрсөрө, үөлээннээхтэрин хаадьылыыр да этэ. Оҕо эрдэххэ дьырайан уһун улахан да буолан көстөрө. Дьиэ кэргэммит бырааһынньыктарыгар быыс булан хаста да кэлэн барбыттааҕа. Дьоммут наһаа убаастыыллара, киэн тутталлара. Өбүгэлэрин өтөҕүн Дуураҥаны көрөн-истэн, оттоон өтөхсүппэтэҕэ.
Кэлин дьиэлэригэр сылдьан кэпсэтэн ааһарым, Аанатынаан иккиэн үөрэ-көтө көрсөллөрө. Кэпсээннээҕэ Аана буолааччы. Убаай эһээтэ Борокуопай мас ууһа буоларын, оттору хомуйан кырааска оҥорорун, биир оннук кырааскалаах ыскааба өтөххө баарын туһунан кэпсээбиттээҕэ. Ону баран көрөн, хаартыскаҕа түһэрбит киһи дии санаабытым да миэхэ кыалла илик. Билигин оҕолоро онно оттуулларын истэммин олус үөрэбин.
Оҕотук сааһыттан лаппа кырдьыар дылы трактор уруулун уларыппакка хараҥаттан хараҥаҕа дылы кыһыннары, сайыннары үлэлээн, от-мас тиэйэн, муус аҕалан, сайынын оттоон Эрилик Эристиин колхоз, совхоз үрүҥ илгэни үрүлүтүүгэ, эмис эти дэлэтиигэ туруоруммут былааннара, эбэһээтилистибэлэрэ туолуутугар, алта төгүл соцкуоталаһыыга кыайан Кыһыл Знамяны ылыытыгар убайбыт Сэмэн Дьөгүөрэбис кырата суох кылаата баар диэн киэн туттабыт, үлэҕэ эппиэтинэһин, дьулуурун, дьоҥҥо-сэргэҕэ амарах сыһыанын холобур оҥостобут.
Федулова Христина Петровна,
үлэ ветерана, Хоптого нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо,
“За заслуги перед районом 3 степени” знак хаһаайына.