Ахтыылар
Убайбын хаһан да умнубаппын
Убайым Семен Сидоров Мин аҕам Буокай Посельскай Улахан Настаа диэн эдьиийиттэн хаалбыт соҕотох оҕо. Тохсунньу томороон тымныыта сатыылаан турдаҕына 5 чыыһылаҕа 1938 сыллаахха Амма Сулҕаччытыгар кыстыы киирэн олордохторуна төрөөбүт. Элбэх оҕо өлөн, сүрэх баастаах дьон, саҥа төрөөбүт уолу абааһыттан күрэтэн, хотон түннүгүнэн быраҕан, куобах тириитигэр суулаан сыарҕалаах атынан Мэлдьэхси Дуураҥатыгар эһэлээх-эбэтигэр ыыппыттар. Эмиэ саха абааһыта булбатын диэн Сидоров Отто Егорович диэн докумуоҥҥа суруйтарбыттар. Ол аатын сөбүлээбэкэ, сокуоннай сааһын ситэн, паспорт ыларыгар Семен диэн уларыттарбыт. Эһэтэ Борокуоппай, эбэтэ Маарыйа Посельскайдар оҕолоон, тыыннаах хаалан, ыал буолан, оҕо төрөтөн ийэтин-аҕатын аатын ааттатар, биһиги аймаҕы хаҥатар үтүө киһи буолбута. Мин убайым Миша ол кэмҥэ 5-тээх уол эбэтигэр күнүүлээн бөҕө буолбута дииллэрэ. Кини оччолорго соҕотох уол сиэн маанылана аҕай сылдьар кэмэ эбит. Онон икки сиэн уолаттар оҕо саастара Дуураҥаҕа бииргэ ааспыта уонна үйэлэрин тухары ыкса эҥэрдэспиттэрэ, хаан-уруу диэни өрө тутар тапталынан, итэҕэлинэн олохторо арыалламмыта.
1942 с. күһүөрү сайын Чурапчы колхозтарын хоту көһөрүүгэ Мэлдьэхси дьонун эмиэ үүрүү-үтүрүйүү буолбутугар эбэбит Маарыйа: “Олох барбаппын” диэн батынан кэбиспит. Инньэ гынан эһэбитиниин 4 саастаах сиэннэрэ Сенялыын хаалбыттарын райсовет председателэ Барашков мин аҕабыттан расписка көрдөөбүт: “Дьоммун бэйэм иитиэм, норма ас көрдүөм суоҕа” – диэн. Оттон аҕам кыра балта Дьэбдьиэ, эһээбит бырааттара Байбал, Ылдьаа кэргэттэрэ бары барбыттар уонна өлөн-сүтэн Дьөгүөр уонна Дьэбдьиэ эрэ тыыннаах эргиллибиттэр. Аҕам балта Аана кэргэнэ Никиитэ Кэрээкин сэриигэ барарыгар: “Оо, оҕом барахсаны Ваняны умса анньан баран эрэбин” – диэн ытаан-соҥоон аҕабар “көрө-истэ сылдьаар” диэн кэриэһин эппит. Онон оччолорго Кытаанахха хаалбыт Аананы көһөрөн киллэрэн Госбаҥҥа үлэҕэ ылларбыт. 3 эр киһи уонна Аана буолан харабылынан үлэлээбиттэр. Сыл аайы харабыллары сыал ыттаран бэрэбиэркэлиир эбиттэр. Онно эдьиийим Аана барыларыттан ордук бэстилиэтинэн сыалы табара үһү. Дарья Дьячковская аатынан уулуссаҕа Чурапчы Госбанын уопсай икки дьиэлэрэ баара, олортон биир дьиэ балаҕан салҕааһыныгар Аана Ванятыныын ииппит кыыһа Елялыын олорбуттара. Сеня кинилэргэ олорон Чурапчы орто оскуолатыгар үөрэммитэ. Ол балаҕаҥҥа мин киинэ көрө киирэрбин өйдүүбүн. Сенялаах Ваня кумааҕыга уруһуйдаан, лиэнтэ курдук килиэйдээн, уһун пленка оҥорон, лаампа уотунан тыктаран балаҕан загародкатыгар киинэ курдук ойууларын көрдөрөллөрө. Ол курдук иккиэн арааһы бары тобулан оҥоһуктара элбэх этэ. Сайын аайы эһээбит өтөҕөр Дуураҥаҕа сайылыырбыт. Онно кинилэр уһанан, маһынан наһаа үчүгэй тиэргэн оҥорбуттар – балаҕан, ампаар, хотон, кыстаммыт мас, олбуордаах, дьоннордоох. Ол сайын таайбыт Мугудайтан кэлэн Сивцев Николай Николаевич, кэргэнэ Өрүүнэ, кыргыттара Катя, Тоня (Бэччэй диэн таптаан ааттыыллара) эмиэ онно сайылаабыттара, арааһа 1952 с. буолуо. Уолаттар иккиэн кыра хоспоҕу иһин кумааҕынан обуойдаан туспа утуйар дьиэлээхтэрэ – 2 эрэ орон ыкса турара, сып-сырдык курдуга. Онно биһигини олох киллэрбэттэр, хатыы сылдьаллар. Соҕуруу муус угар ампаар уонна сомуоһуна кэннинэн оҕуруот кытыытыгар ол оонньуур тиэргэннэрин туппуттар. Дьэ биһиги 3 кыра кыргыттар кинилэр суохтарына ол тиэргэн дьонун, дьиэтин бары үллэстэн, алдьатан кээһэммит киэһээ кэлэн силиэстийэ бөҕөнү оҥорбуттар. Аҕам онно соҕуруу ампаарга сиһэ ыалдьан ороҥҥо сытан истибит. Киэһээҥҥи аһылыкка отор дьиэҕэ бары мустан аһыы олордохпутуна, аҕам кэпсээбит: “Дьэ биир ыал дьиэтин түөкүттэр киирэн халаабыттар, ол иһин Чурапчыттан милиция тахсан силиэстийэ ыыта сылдьар үһү” – диэн. Улахан дьон соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолтар ону истэн Сеня: “Арааһа биһигини кэпсиир быһыылаах” диэбитин кэпсииллэрэ. Аны Ванялыын испиискэ хаатыгар сабы баайан телефен оҥорбуттара. Тыымпы бэтэрээ саҕатыгар улахан хатыҥ анныгар миигин хааллараллар, бэйэлэрэ саптарын тардан Дьухаҕа барар күрүө ааныгар тиийэн “Алло, истэҕин дуо?” дииллэрэ иһиллэрэ. Ити курдук араас саҥаны, дьиибэни айан таһаарар идэлээҕэ. Ол иһин да буолуо трактор арааһын баһылаан, бэйэтин өйүнэн, сатабылынан бастыҥ механизатор буоллаҕа. Аны Куохара үрэҕин сиһигэр Таппалаахха собус соҕотох харыйа үүнэн турарын булбуттар этэ. Миигин ону көрдөрө илдьэллэригэр харахпын саба баайаллара уонна “Кимиэхэ да кэпсээмэ” дииллэрэ. Оннук айылҕа кэрэтин сэдэх маһы харыстыыр быһыылара эбит. Сайын саҕаланыыта Мыдаада алаас Көрдүгэн диэки халдьаайытыгар эрэ үүнэр сардаана сибэкки көрдөрө оҥостон илдьэллэрэ. Араас кэрэ сибэккилэри, сэбирдэхтэри, оту үргээн гербарий диэн хатара халыҥ баҕайы сахалыы Новгородов алфавитынан бэчээттэммит хараҥа халлаан күөҕэ тастаах кинигэҕэ мунньарбыт. 6-с кылааһы бүтэрэригэр ньуучча тылын кыайан туттарбакка, үөрэҕин быраҕан, Мэлдьэхсигэ тахсан колхозтаах буолбута. Сайыны быһа от биригээдэтигэр сылдьара. Ваня биһикки хаһан ардах түһэрин кэтэһэрбит, оччоҕо убайбыт Сеня дьиэтигэр өтөххө кэлэрэ. Билигин баар арҕаа дьиэҕэ утуйарбыт – бэтэрээ өттүгэр Дьөгүөр Ылдьыыс, Сеня, Ваня, түгэххэ ийэм Кэтириис уонна мин. Ардахтаан күн күнүс сытан эрэ Сеня ырыа ыллаан доллоһутара – көҥдөй үчүгэй куоластааҕа. Аны миигин дьээбэлээн “Быттык-быттык Маарыйабын ини, Былатыан кинээс кыыһынабын ини...” диэн ыллаатар эрэ мин сүүрэн тиийэн айаҕын ытыспынан саба сатыырым. Саамай өһүргэнэрим “кинээс кыыһа” диэн тыллар этилэр. Советскай оҕоҕо “кинээс кыыһа” диэн саамай куһаҕан кыыс буолара. Колхозтаахтарга урут дохуоттарын натуранан – туорах бурдук, арыы, эт биэрэллэрэ. Күһүн дьоммут хамнастара диэн сыарҕа муҥунан тиэйэн аҕалар этилэр. Ол бурдугу суорунаҕа тардан, отор дьиэ көмүлүөк оһоҕор лэппиэскэ буһараллара. “Бу кыыс эмиэ куруппалаппыт” диэн миигин сэмэлииллэрэ. Сайын Дуураҥаҕа бары даҕаны дуоһуйа сынньанар этибит. Отор дьиэҕэ (убайбыт Байбал кэлин Чурапчыга киллэрэн дьиэ туттубута), эһэбит Борокуоппай, эдьиийбит улахан Настаа, оҕонньоро Дьөгүөр Сидоровтыын, сорох сайын эдьиийбит аччыгый Настаа кыргыттара Смена, Настя буолан, сороҕор эдьиийим Дьэбдьиэ Хабырыллатынаан, сороҕор биир эдьиийбит Мааппа Шарина Бүөтүрүнүүн бары оҕолорунуун сайылыырбыт. Биһиги арҕаа дьиэҕэ уолаттардыын утуйарбыт. Ити дьиэ билигин да баар, 1929 с. аҕам ийэбин Болтоҥоттон кэргэн ылан аҕалбытыгар тутан биэртэр эбит. Саха ыалын сиэринэн олохпут холкутук, иллээхтик устара. Эһээбит Борокуоппай кырдьан дьүлэй буолбута. Маҥнай Сеня, кэлин Ваня аттыгар олорон дьон тугу кэпсэтэрин кулгааҕар даҕайан олорон улаханнык хатылаан иһитиннэрэр этилэр. Ол да буоллар кини кыралаан уһанарын тохтоппотоҕо. Оҕолорго хас биирдиибитигэр аналлаах тэрил оҥороро. Сенялаах, Ваняҕа кыра хотуур, миэхэ кыракый кыраабыл, барыбытыгар оонньуур ох саа баара. Ол ох саабытынан кус тумсун мунньан муостаҕа тэлгэтэн ытыалыы оонньуурбут. Синньигэс Баһылай дьиэтэ үксүн иччитэх буолара, ол дьиэ көбүс-көнө муостата биһиэхэ “кустаах күөл” буолара. Сайын уоппускаҕа Чурапчыттан аймахтар таҕыстахтарына өссө элбиирбит – үөрүү-көтүү, киэһээ араас күрэх-оонньуу буолааччы. Тозовка саанан сыал ытыыга, сүүрүүгэ, мас тардыһыытыгар күрэҕи тэрийэллэрэ убайдарым. Сүүрүүгэ өрүү Дьөгүөр Ылдьыыс бастааччы, Сеня маска кыайара, Ваня сыал ытыыга ордук этэ. 20 сааһын ааһыыта “Сеня кэргэн ылыа этэ” диэн ийэлээх аҕата кэтэһэллэрэ. Дьөгүөр Ылдьыыс 32-тэ, эмиэ холостуой сылдьара. Сайын аайы соҕуруу ампаар 2 түгэхтээх оҥкучаҕар эт хаһаас уураллара: “Уолаттар ойох ыллахтарына” – диэн. Аҕата Дьөгүөр оҕонньор онно тиийбтэҕэ. 1963 с. Сеня 25 сааһыгар Хоптоҕо кыыһын Анна Андреевна Тарабукинаны кэргэн ылбыта. Саҥаспыт Аана барахсан 8 оҕону төрөтөн эдьиийим Настаа, күтүөтүм Дьөгүөр ааттарын ааттатар оҕо-уруу бөҕөнү убайбар Сеняҕа бэлэхтээбитэ. Аана ыанньыксыт буолан сыл аайы араас фермаҕа көһө сылдьар этилэр. Эдьиийим Настаа өлөр сылыгар Кулдьаҕаайыга кыстаабыттара. Мин медфак 2-с кууруһугар үөрэнэ сылдьан кыһын каникулбар тахсыбытым. Онно аҕабынаан Боллос диэн госбанк атынан сыарҕаҕа олорон тахсан көрсөн киирбиппит. Онно саҥас Аана дояркалыы, убайым Сеня тракторынан от тиэйэн үлэлии сылдьаллара. Гоша уол сүүрэ сылдьар, Коля саҥардыы хааман эрэр оҕолор этилэр. Эбэлэрэ Настаа уола Сеня оҕолорун үөрэ-ымманыйа, көрө-истэ, көмөлөһө сылдьара. Ол курдук ыал буолан Эрилик Эристиин аатынан колхоз-совхоз киинигэр Дириҥҥэ олохсуйбуттара. Ол да буоллар ферма ханна баарынан сыл аайы көһөн, кыстаан-сайылаан, үлэлээн-хамсаан, 8 оҕону улаатыннаран, барыларын үлэһит, ыал оҥорон, төрөппүт иэһин толорон бараахтаатылар. Убайым Семен Егорович Сидоров аатын ааттатар элбэх сиэн, хос сиэн оҕолор кини курдук туруу үлэһит, киһи киэнэ кэрэмэһэ буолан тахсыахтара диэн эрэнэбин. Олоҕун устата араас эрэйи, кыһалҕаны, кутурҕаннаах да күннэри эр киһилии эрдээх санаалаах буолан, этэҥҥэ туораан, дьиэ кэргэнин, чугас дьонун өйөбүллэринэн аһаран, киһилии сиэрдээх олоҕу олордо.
Посельская Мария Прокопьевна,
эндокринолог-врач, РФ уонна РС (Я) доруобуйа харыстабылын туйгуна,
Дьокуускай куорат уонна Чурапчы улууһун доруобуйа харыстабылын бочуоттаах ветерана.
21.01.2023 с.