Аҕабыт суруйбут ахтыылара
Ийэм Анастасия Прокопьевна бииргэ төрөөбүттэрин туһунан
Мин ийэм Посельская (Сидорова) Анастасия Прокопьевна бииргэ төрөөбүттэрин туһунан ахтан-санаан ааһыахпын, кинилэргэ күндү дьоммор махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын.
Посельская Евдокия аҕата Посельскай Прокопий Павлович Дуураҥа Мааһылалар удьуордарыгар 1874 сыллаахха улахан оҕонон төрөөбүт. Аҕата улахан тимир ууһа эбит. Күндүл таҥаратын дьиэтин туох баар тимир оҥоһуктарын барытын түөрт уолаттарын көмөлөһүннэрэн оҥорбута үһү. Манна саамай элбэхтик үлэлэспит улахан уол Буокай эбит. Уонна наймылаһан таҥара дьиэтин олбуорун улахан мастарынан симии күрүө оҥорбуттара үһү.
Борокуопай Мугудайтан “Таҥараһыттар” диэн Сиипсэптэр кыыстарын Мария Григорьевнаны (1878 сыл төрүөх) кэргэн ылан сэттэ оҕоломмуттар. Улаханнара Мин ийэм Улахан Настаа, онтон кыыс Кыра Настаа Кириллин Ньукулай диэн Хоптоҕо киһитигэр кэргэн тахсан “Андреев” колхозка колхозтаах буолан хоту көһүүгэ баран аҕалара онно өлбүтэ, Настааны Намҥа кэлбиттэрин кэннэ, икки кыыһын кытары эбэм бэйэтин кунанынан баран сайын тэлиэгэнэн көһөрөн аҕалбыта. Бастаан Дуураҥаҕа олорбуттара Смена уонна Настя. Настя кэнники “Сардаҥа” колхоза биллэр-көстөр трактористка буолан оройуоҥҥа, нэһилиэгэр элбэхтик бастаталыы сылдьыбыта. Смена Захаров Афанасий Афанасьевичка кэргэн тахсан икки уоллаах-кыыс оҕолоро бааллар, кэргэнэ Афанасий Афанасьевич “Эрэлик Эристиин” совхоз чемпион тракториһа, оройуон рекордосмена буолбута. Кыргыттар иккиэн көһөрүү содулуттан эрдэ бу күн сириттэн барбыттара.
Улахан уоллара Прокопий Прокопьевич 1911 сыл олунньу 16 күнүгэр (саҥа халандаарынан олунньу 29 күнэ) төрөөбүтэ. Күндүлгэ уонна Дириҥҥэ оскуоланы үөрэнэн бүтэрбит. Бастакы үлэтин 1930 с. саҕалаабыт, муус устартан бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү комиссиятын бэрэссэдээтэлэ буолбут. 1931 сыл “Эдэр ыччат” колхоз чилиэнэ буолбут, 1932 с. Мэлдьэхси нэһилиэгин советын секретара, онтон 1932-33 сылларга “Куохара” колхозка счетоботтаабыт. 1934 сыл баан үлэһитин 10 ыйдаах үөрэҕин бүтэрэн уһуннук Госбааҥҥа главнай бухгалтерынан, бухгалтерынан тохтоло суох пенсияҕа тахсыар дылы үлэлээбитэ. Үтүө суобастаах, таһаарыылаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан 1947 с. бэс ыйыгар түөскэ кэтэр “ССРС баанын туйгуна” знагынан, 1954 с. сэтинньи 5 күнүгэр “Үлэ кыһыл знамята” орденынан, 1962 с. бэс ыйын 12 күнүгэр Саха АССР Верховнай советын бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыт.
Иккис уол Дмитрий Прокопьевич 1915 сыллааха төрөөбүт. Дириҥ оскуолатыгар үөрэнэн баран куоракка киирэн землестроитель үөрэҕин бүтэрэн баран Чурапчыга бастакы земприделга улаханнык үлэлэспит эбит. 1942 с. советскай армия кэккэтигэр ыҥырыллан барбыта уонна бааһыран эргиллэн кэлбитэ. Кэлээт да урукку үлэтигэр пенсияҕа тахсыар дылы үлэлээбитэ. 1951 сыллаахха Мугудайтан Ноговицина Евдокия Степановнаны (1924 с.т.) кэргэн ылан икки кыыс биир уол оҕоломмуттара, Клара 1955 с.т., Дмитрий 1956 с.т., Надя 1965 с.т.
Онтон кыыс Анна Прокопьевна 1917 сыл төрүөх, Дириҥ оскуолатыгар 4 кылаас үөрэммитэ. 1939 сыллаахха Мэлдьэхси киһитигэр Корякин Никита Ивановичка кэргэн тахсбыта. Никита Иванович Сылаҥҥа райпо бухгалтерынан үлэлии сылдьан советскай армияҕа ыҥырыллан сэриигэ барбыта уонна “сураҕа суох сүттэ” диэн биллэриитэ кэлбитэ. Кинилэртэн уоллара Корякин Иван Никитич хаалан Челябинскайга үрдүк үөрэҕи 1968 сыллаахха бүтэрэн инженер идэтин ылбыта, “Карл Маркс” совхозка уонна “Чурапчы” совхозка главнай инженеринэн, Чурапчыга электронадзордарга инженеринэн үлэлээбитэ. Аана 1942-1968 сылларга Госбааҥҥа харабылынан үлэлээн, сэрии кэмигэр үлэтин иһин “Сталин” медалынан, элбэх махтал суруктарынан, грамоталарынан, кыайыы үбүлүйүнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Аҕаспар Аанаҕа Чурапчы оскуолатыгар үөрэнэр кэммэр киниэхэ оҕо буолан олорбутум, киниттэн элбэх үтүө үгэстэргэ үөрэммитим, хаһан да кыыһырбат, мөхпөт, супту сүбэлии-амалыы эрэ сылдьар этэ. Кини үлэҕэ үөрэтэн олоҕум устатыгар үлэни өрө тутан кини курдук холку буоларга, дьон кыһалҕатыгар көмөлөһөн кэллим. Кинилэргэ Мэлдьэхси дьонноро барыта кэллэхтэринэ-бардахтарына дьиэлээн, кып-кыра балаҕаҥҥа сүүрбэччэлии хоноһо буолан үөрэн-көтөн, биир да күн дьоно, хоноһото суох буолбат этибит. Мэлдьэхси кырдьаҕас дьонноро бары махтанан, кэпсээн, ахтан ааһаллар.
Ваня 1971 сыллаахха кэргэн ылан Чурапчы Артемьева Дария Николаевналыын бэрт эйэлээхтик олорон 3 оҕону төрөтөн Никита 1972 с., Настя 1975 с., Аанчык 1977 с., улахан ыарыы булан 1983 сыллаахха биһиги кэккэбититтэн барбыта. Кэргэнэ Дария оҕолорун барытын ыал-дьон оҥордо, бары үөрэхтээх, үлэһит буоллулар.
Евдокия Прокопьевна Посельская 1919 сыл тохсунньу 19 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Дириҥ оскуолатыгар үөрэнэр кэмигэр эдьиийигэр, мин ийэм аахха олорбут. Үөрэнэн бүтэн баран “Куохара” колхозка үлэлээбит. Улахан дьону үөрэхтээһин кэмигэр аахпат, суруйбат дьону кэрийэ сылдьан үөрэппит. Ол курдук чугас олорор Төлөй дьонун кытта үөрэппитин туһунан Смирников Афанасий махтанан кэпсиир буолара. Ол курдук элбэх киһини ааҕарга, суруйарга үөрэппит. Хоту көһөрүү кэмигэр “Куохара” колхоһу кытта Кэбээйи “Ньидьилитигэр” көһүүгэ баран эрэй бөҕөнү көрөн, улахан дьону кытта тэҥҥэ балыктаһан нэһиилэ тыыннаах кэлбитэ. Кэлээт “Тахсыбыт сардаҥа” колхозка киирэн фермаҕа от тиэйээччинэн “Дуураҥа”, “Таппалаах” хас да сыл үлэлээбитэ. Манна үлэлии сылдьан Собакин Гаврил Иннокентьевич 1910 сыллаах төрүөх киһиэхэ кэргэн тахсан 4 оҕоломмута Еля, Ганя, Проня, Кеша. Аҕалара 1964 с. оҕолор саҥа улаатан эрдэхтэринэ өлбүтэ.
Еля онус кылааһы 1973 бүтэрэн баран совхозка борооску көрөөччүнэн үлэлээбитэ, 1978 с. Одьулууҥҥа бухгалтер куурсун бүтэрэн Хадаарга үлэлии сылдьан Анемподистов Иван Ивановичка (1954 с.т.) кэргэн тахсан 4 оҕоломмуттара.
Кыра уол Посельскай Павел Прокопьевич 1920 сыл төрөөбүт. Дириҥҥэ үөрэнэн баран куоракка киирэн кульпросвет үөрэҕин бүтэрэн баран хоту Аллайыахаҕа үлэлии барбыт. Климаттаан, ыалдьан төннөн кэлэн Япония сэриитигэр баран хас да сыл сылдьан баран дойдутугар кэлэн Промкомбинатка уонна Райстатка уһуннук үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта. Платонова Ирина Дмитриевнаны кэргэн ылан 4 кыыс, 1 уол оҕоломмуттара.