Аҕабыт суруйбут ахтыылара
Санааларбын этэбин
2013 сылтан Саха сиригэр “Тыа сыла” биллэриллиэҕиттэн элбэх саҥа хамсааһыннар буолан эрэллэр. Мин кырдьаҕас киһи бэйэм санааларбын суруйарга сананным.
Биһиги, сэрии ыар сылларын оҕолоро оччотооҕу кэм ыараханын көрөн-билэн улааппыппыт. Мин бастаан үлэһит буоларбар барыта атынан, оҕуһунан от-мас тиэйэн, саас ыһыы үлэтигэр, айынын от оттооһунугар, кыһынын сыл тахсар кыһалҕатыгар оччотооҕу колхозтаах бары бииргэ түмсэн олохторо байылыат, дохуоттаах буоларыгар үөрэн-көтөн үлэлииллэрэ.
Мин Мэлдьэхсигэ фермаҕа оҕунан от тиэйиитигэр үлэбин саҕалаабытым. Сайынын от үлэтигэр оҕуһунан кыдамаһыт буолан, онтон тутууга “Таппалаах” ферматыгар хотон тутуутугар саас мас кэрдэн, ону таһан тутуу үлэһитэ аатырбытым. Тарабукин Николай Ильич I (Тоох), Посельскай Петр, Еремеев Ньукулай (Тохтой), Тарабукин Сэмэн (Албан аат), Посельскай Охонооһой (Хара бытык), Колесов Егор (Чээй Дьөгүөр) бары да хоһуун үлэһит дьон этилэр. 1957 сыллаахха сайын үллээн хотоммутун күһүн үлэҕэ киллэрбиппит. Кыһынын биһиги Корякин Николай, Далбаев Дмитрий, Осипов Петр, Мин уонна маастарынан Колесов Егор буолан ферма үлэһиттэригэр анаан 2 квартиралаах дьиэ туппуппут.
1958 сыллаахха Мэлдьэхси, Хоптоҕо, Хадаар, Хайахсыт, Чакыр холбоһон “Эрилик Эристиин” аатынан улахан колхоз буолбуппут. Бастакы бэрисидээтэлбит Яковлев Март Романович сүрүннээн сүөсүһүттэр олохторо тупсуутугар үлэлээбитэ. Хотоннору, сүөсүһүттэр олорор дьиэлэрин тутууттан саҕалаабыта, техника үлэтигэр саҥа мастерской дьиэтин, гаражтары туттарбыта.
1960 сыллаахха кураан буолан Лена эҥэригэр киирэн оттоон бэрт элбэх сүөһүбүтүн кыстатан таһаарбыппыт. “Тойон арыынан”, “Уулаах аанынан” киирэн оттооммут кыстыырбытыгар анаан биһиги хотон тута сырыттахпытына Март Романович киирэн миигин “манна кыстыыгын дуо” - диэбитигэр уруккаттан баҕара сылдьар санаабын илиинэн үлэлээн, от кэбиһиитигэр кыдамалаан, фермаҕа оҕуһунан от тиэйэн, сааскы ыһыыга көлө сухатыгар үлэлээн, техниканан үлэни чэпчэтиэххэ диэн тракторист буолар баҕалаахпын эппитим.
1960 сыллаахха колхозтаах ыччаттары мунньан трактор куурустарын аһан үөрэтиини саҕалаабыта. Пестерев Кирил Николаевич МТС-ка үлэлии сылдьар коммунист тахсан учууталлаабыта. Күн аҥаара үлэлии-үлэлии үөрэнэр этибит. Хоптоҕоттон – Васильев Д.Е., Толстоухов Н.Н., Тарабукин Н.И. II, Мэлдьэхситтэн – Корякин В.Н., Сидоров С.Е., Уорҕаттан – Карпов И.И., Никонов Василий, Хадаартан – Лукин Д.К., Ксенофонтов Н., Хайахсыттан – Софронов Тит, Никитин Семен, Саввин Василий, Чакыртан – Сыкунов Захар, Яковлев Иван, Кузьмин Роман уонна да атыттар бары колхозпутугар күүс-көмө буолан уһуннук үлэлээбиппит. Кирил Николаевич биһиги кэннибититтэн салгыы 2 сыл колхозтаах ыччаттары, онтон оскуола оҕолорун үөрэтэн, Хоптоҕоҕо уһун кэмҥэ мэхээнньиктээн “РСФСР үтүөлээх механига” ааты ылан бары үөрэбит, киэн туттабыт, махтанабыт.
Хоптоҕо учаастага сирэ кыараҕас буолан “Нуотараттан”, “Халааныттан” сыл аайы от таһан сыл тахсарбыт. Уолаттар Божедонов Костя (Уолчаан), Петров Василий (Далла), Посельскай Константин (Чуус), Посельскай Василий (Сааба), Пестерев Василий, Федулов Ганя, Монастырев Дима куруусчуттар Попов Петр, Корякин Гаврил, Портнягин Коля, Павлов Костя уонна да атыттар бэрт уһуннук үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ, биир да күн сүөһүнү ото суох туруорбатахпыт.
1965 сыллаахтан Филиппов Роман Афанасьевич колхоһу, совхоһу сатабыллаахтык салайан бүтүн Сойууска, Өрөспүүбүлүкэҕэ элбэхтик биллэр үлэлээх буолбуппут. Роман Афанасьевич бары үлэһиттэр кыһалҕаларын, олохторун-дьаһахтарын билэр, кинилэр үүнэллэрин-сайдалларын туһугар кыһанар буолан норуот ытыктабылын ылбыта. Оччотооҕу салайар аппарат бары түмсүүлээх буоланнар боростуой үлэһит дьон убаастабылынан туһаналлара. Ол курдук парткомнар Дмитриев Н.С., Неустроев И.Д., бухгалтер Адамов П.Е., Кириллин М.К., Поисеев И.Г., Тарасов Н.П., Аммосов И.Н., кэнники бэрисидээтэллэр Сергеев С.И., Аммосов И.Н., Корякин М.Н., Филиппов И.А., сельсовет бэрисидээтэллэрэ Филиппов М.П., Попов И.И., Иванова А.А. бары да тахсыылаахтык, норуокка ытыктатар гына үлэлээбиттэрэ.
Хоптоҕо нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Егорович Сидоров