Аҕабыт суруйбут ахтыылара
Эриликтэр үөрүүбүт
Биһиги президеммит Борисов Е.А. тыа сылын биллэриэҕиттэн үгүс элбэх дьаһаллар тахсаллар. Билигин тыа сирин муниципальнай салайыныы баһылыктарын сийиэһэ үрдүк таһымҥа буолан ааста. Уһун үйэлэнии туһунан кырдьаҕас көлүөнэлэр мустан хайдах олохпутун тупсарар туһунан элбэх кэпсэтиилэри ыыттылар.
Биһиги “Эрилик Эристиин” аатынан колхоз ол кэнниттэн совхоз буолбуппут 55 сыла буолбутун бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста.
Сэтинньи 21 күнүгэр Дириҥнээҕи И.Е. Федосеев – Доосо аатынан агро оскуолаҕа “Эрилик Эристиин” аатынан колхоз (совхоз) 55 сылыгар анаан конференция буолан оҕолор биэс уонча докладтарын иһиттибит. 5 араас темаҕа хайдан кыра кылаастартан улахан кылаастарга тиийэ докладтаатылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ улуустан, агро оскуолабыт учууталларыттан уонна “Эрилик Эристиин” совхоз кырдьаҕас үлэһиттэрэ киирэммит быһаардыбыт. Оҕолор колхоз, совхоз урукку салайар үлэҕэ үлэлээбит, маяк буолбут дьоннорбутун сырдатан дакылаат оҥорбуттарыттан наһаа астынныбыт, үөрдүбүт.
Тэрээһин иккис күнүгэр, 22 чыыһылаҕа күнүс 11 частан оччотооҕу “Эрилик Эристиин” колхоһу, совхоһу төрүттээбит, салайан кэлбит ытык дьоммутугар колхоз председателя Март Романович Яковлевка, совхоз председателя Роман Афанасьевич Филипповка, партком секретаря Николай Степанович Дмитриевка, гл. бухгалтер Петр Егорович Адамовка, 4 киһиэхэ бюстары туруорууттан саҕаланна. Бэрт элбэх киһи мустаннар ытыктыыр, убаастыыр дьоннорун саас-үйэ тухары өйдүү-саныы сылдьар кэрэ бэлиэни ыччаттарбытыгар анаан туруордубут. Сэбиэскэй былаас кэмигэр республикаҕа, бүтүн Сэбиэскэй сойууска биллэр үлэлээх-хамнастаах колхоз, совхоз салалтата үйэтитиллибитэ ыччаты үлэҕэ-үөрэххэ иитиигэ-үөрэтиигэ улахан холобур буолар.
Күнүс икки чаастан юбилейбыт үөрүүээх чааһа культуурабыт киинигэр буолла. Кырдьаҕас сиэптээхтэрбит суруйааччылар Николай Егорович Винокуров – “Урсун”, Семен Андреевич Попов – “Тумат”, Павел Федоров – “Сомоҕо” кыттыыны ыллылар. В.В. Путин итэҕэллээх киһитэ Атласова Алена Николаевна “Единай Россия” партия эҕэрдэлээтэ. Улуустааҕы тэрийэр комиссия председателэ, улуус баһылыга Андрей Тимофеевич Ноговицын совхоз чулуу үлэһиттэригэр уопсайа 55 киһиэхэ араас наҕараадалары туттарда. Ол курдук, биһиги бары ытыктыыр киһибит Хайахсыт нэһилиэгин урукку бригадира Васильев Михаил Егоровичка “Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ” аат иҥэрилиннэ, Корякина Евдокия Ивановнаҕа Саха республикатын президенин грамотата уонна кыһыл көмүс чаһыы, Новгородов Николай Николаевичка, Кузьмина Елена Михайловнаҕа онтон да атыттарга үрүк наҕараадалар туттарылыннылар. Үлэлээн ааспыт кырдьаҕас көлүөнэ үлэһиттэр сырдатыллан, үтүө тылынан ахтыллан сүргэбит көтөҕүлүннэ.
Бу тэрээһини сүүрэн-көтөн көҕүлээбит “Эрилик Эристиин” совхоз урукку дириэктэрэ Сергеев Семен Ивановичка биллэр-көстөр “Эрилик Эристиин” колхоз (совхоз) салайааччыларыгар умнуллубат өйдөбүнньүк оҥоруутун тэрийбитигэр махтал, баһыыба тылларын этэбит. Үлэ киһитэ хаһан баҕарар чиэстэнэрин туоһута үйэлээх өйдөбүнньүк турбута.
Мин Мэлдьэхси нэһилиэгэр “Ханньыйыкы”, “Дуураҥа”, “Таппалаах” фермаларыгар 2 оҕус, 1 ат көлөнөн от тиэйээччинэн үлэбин саҕалаабытым. Үлэ күнэ диэнинэн суруйан дохуот аахсарбыт. Сыарҕаҕар 3 сэнтиниэр оту батаран тиэйиэхтээххин, оччотооҕу от чиҥ бөҕө, суолбут халдьыылара үрдүк бөҕө буоланнар, былаҕабын тоһутан диэн, ураҕас төрүт быата быстан диэн эрэй бөҕө буолара. Маны барытын бэйэм оҥостон биир кыһын этэҥҥэ үлэлээбитим.
Онтон Мэлдьэхсигэ электро-уот уотун киллэриигэ дьиэ, “Таппалаах” ферматыгар улахан хотон тутуутугар Еремеев Ньукулай (Тохтой), Тарабукин Николай Ильич I (Тоох), Посельскай Охонооһой (Хара бытык), Спирдонов Харитон, Тарабукин Семен (Маат Сэмэн) буолан сылдьыбыппыт. Бары да үлэҕэ уоппуттаах, кыайыгас, үчүгэйгэ-кэрэҕэ үөрэтэр колку-хоһуун дьон этилэр. Сайын аайы от үлэтигэр кыдамаһыт буолан Мэлдьэхси, Хоптоҕо алаастрынан сылдьан үлэ бөҕөтүн үлэлээн, техниканан үлэлээн илии үлэтин чэпчэттэххэ диэн санааҕа сырыттахпына маннык тосхойбута: 1960 сыллаахха кураан буолан Покровскай Төхтүрүгэр киирэн сайын оттообуппут, күһүн кыстыыр сүөһүлэргэ хотон тута сырыттахпытына бэрэссэдээтэлбит Март Романович киирэ сылдьан миигин манна кыстаан үлэлиигин диэбитигэр “кыһын трактористар куурустара аһыллар үһү онно киириэм этэ” диэбиппэр туох да диэбэккэ тохтообута.
Күһүн трактор куурсугар киирэрбитигэр улахан комиссия мунньаҕа буолбута, “Эрилик” бары отделениеларыттан баарбыт, сорохтору ылбаттар, сорохтору ылаллар. Мин уочаратым кэлбитигэр Март Романович “үлэлиэм диигин дуо” диэбитигэр “ылан үөрэттэххитинэ үлэлиэм этэ” диэн үөрэххэ ылыллан, трактаростар куурустарын үөрэнэн бүтэрбитим, онон 1961 сыллаахха тракторист буолан хаалбытым.
Тракторист үлэтигэр эҥин араас ыарахаттары да көрсөн, дьоннорго үчүгэйи да оҥорон санаабын түһэрбэккэ үлэлээн бары салайан үлэлэппит дьоннорбор истиҥ махталбын тиэрдэбин.
Роман Афанасьевич үлэһиттэрин олоҕор истиҥник сыһыаннаһан барыбытын бииргэ түмэн, салайар аппараатын кытта хас биирдии совхоз рабочайыгар тиийэ сыралаах-күүрүүлээх үлэбит түмүгэр Саха сиригэр, Сойууска биллэр совхоз буолбуппут. Партком сэкиритээрэ Дмитриев Николай Степанович дьаһалынан, бухгалтер Адамов Петр Егорович ааҕан-суоттаан олохпут уйгулаах, баай-байылыат кэмнэрэ этилэр.
Арамаан Афанасьевич ииппит-үөрэппит оҕолоро Сергеев Семен Иванович, Аммосов Иннокентий Николаевич, Васильев Егор Егорович, Михайлов Николай Григорьевич, Корякин Михаил Николаевич үлэлээбит совхозтарын аайы биллэр-көстөр салайааччылар буоллулар.
Саха республикатын президенигэр Борисов Е.А., тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр Слепцов И.И., Чурапчы улууһун эрдэ үлэлээн ааспыт салайааччыларыгар, билигин куоракка үлэлиир Аммосов И.Н., Попов Н.Н. улахан махталбытын тиэрдэбит.
“Эрилик Эристиин” совхозка Хайахсыт отделениетыгар үлэлии сылдьыбыт Ноговицын Андрей Тимофеевич улууспут баһылыга буолбутунан эҕэрдэлээн туран кини тула ыкса түмсүөҕүн.
Хоптоҕо нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Егорович Сидоров
06.12.2013 сыл