Ахтыылар
Ийэлээх аҕабыт үлэни таптыырга ииппиттэрэ
Ийэбит Анна Андреевна, аҕабыт Семен Егорович оҕо эрдэхпититтэн үлэни таптыырга үлэһит үтүө киһи буоларга ииппиттэрэ. Тапталлаах ийэбэр аҕабар алтыс оҕонон үһүс күүтүүлээх кыыс оҕонон алтынньы 3 күнүгэр 1973 сыллаахха күн сирин көрбүтүм.
Билигин бэйэм Ньурба Дьаарханыгар 1999 сыллаахха ыал буолан 6 оҕолонон саха ыалын сиэринэн сүөһү, сылгы иитэн ньир бааччы олоробут. Аҕабыт Григорий Григорьевич кэтэх хаһаайыстыбатын көрөр, мин тыа хаһаайыстыбатын специалиһынан улэлиибин. Улахан кыыс Саина СВФУ биолог идэтин ылан Дьокуускай куоратка СВФУ клиникатыгар улэлиир. Алина, Кристина СВФУ мединститутун студенкалара. Уолбут Арсен Казань куоратка институт Физики 1 курсун студена. Анита Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А. Алексеев аатынан республикатааҕы лицей-интернат 10 кл үөрэнээччитэ. Кырачаан Виолетта Дьаархан орто оскуолатын 1-гы кылааһын үөрэнээччитэ.
Ыал кыра кыыһа буолан аҕабар справочнай бюро буола сылдьыбыттааҕым. Туттар малын кыра ол-бу саппаас чаастарын иккиэн хомуйан сааһылаан уурааччыбыт. Тугун эмэ булбата да миигиттэн ыйытааччы. Кэлин хойукка дылы онтун ахтар этэ аҕам барахсан. Ийэлээх аҕабыт улэни өрө туппут колхоз, совхоз тутаах улэһиттэрэ буолан биһигини бэйэлэрин холобурдарыгар иитэн-такайан таһаардахтара. Аҕабыт түүн хойукка дылы улэлиирэ кэлэрин кэтэһэн бөҕө буолааччыбыт, термоска куттубут чээйэ отой сойон хаалбыт буолааччы, ол гынан наһаа да минньигэс буолааччы. Ийэлээх аҕабыт үтүө суобастаах эппиэтинэстээх, дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕарааччылар, ол да иһин буолуо Дириҥҥэ кинилэри билбэт киһи суох этэ.
Сайын аайы Бырыы сайылыкка сайылыыр этилэр тоҕо эрэ мин онно аҕыйахта сылдьыбытым арааһа эбээбэр бырааттарбын көрсө хааларым буолуо, онно Бырыыга наһаа барсыахпын баҕарар этим. Онтон кэлин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ийэбит наставниктаах Тааттаҕа ньиирэй сайылыгар улэлээбиппит. Учугэй да кэмнэр этэ.
Ийэбит илдьэ сылдьан улэни таптыырга уонна хаачыстыбалаахтык оҥорорго үөрэппитэ.
Аҕабыт куруук кыыс уһун баттахтаах буолуохтаах диэн баттахпытын кырыйтарарбытын сөбүлээччитэ суох. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан кыратык киэргэнэ түһээри баттахпын расческанан эринэ сатыы олорон иилистиннэрэн кэбиспитим, онтукабын аҕам биир да баттаҕы кырыйбакка дьэ арааран ылбыта, наһаа да өр олорбутум.
Ийэбит дьиэ үлэтигэр барытыгар үөрэппитэ, арааһа кыра кыыс буолан эбитэ дуу оскуолаҕа сылдьан улаханнык хотоҥҥо сылдьыбатаҕым. Арай биирдэ эмэтэ ийэбит ыанньыксыттыыр кэмигэр “Уһун алааска” киирэн көмөлөһөөччүбүт, ынах төрүүрүн көрөөрү сүүрүү-көтүү бөҕө буолааччыбыт. Кэлин гаражка остуорастыыр кэмигэр киирэн көмөлөһөөччүбүт.
Аҕабыт тыраахтарыстыыр кэмигэр эрдэ кэлэрин кэтэһээччибит онно эрдэ соҕус дьиэҕэ кэллэҕинэ тыраахтарга олорон дьоллоно түһээри, гаражка баран уурарыгар олорсон барсааччыбыт.
Сайынын ыһыахтарга куруук ийэлээх аҕабытын кытта барсааччыбыт ат сүүрдүүтүн эҥин барытын көрөөччүбүт. Дуураҥаҕа сайын аайы баран мустан сайыҥҥы сибиэһэй салгынынан тыынан, курэхтэһэн аһаан аймахтарбытын кытта билсиһэн, кэпсэтэн наһаа учугэйдик сынньанан кэлээччибит.
Суруйдум кыра кыыстара Саргылана Терентьева, ахсынньы ый 2023 с.