Ахтыылар
Үлэһит удьуор ситимэ салҕанар.
Мин Бүлүү куоратыттан кийиит буолан кэлбитим номнуо 40-ча сыла буолан эрэр эбит. 1983 сыл саас Саха государственнай университетын Физическай факультетыгар 1 курсугар үөрэнэ сылдьан, “Үргэл” диэн хайыһар десана буолан Дириҥҥэ кэлэн концертаан, күрэхтэһэн ааспыппыт, онно аан бастаан Сидоровтар дьиэлэригэр десан байыастарын барыларын дьиэлэригэр остуол хотойорунан ас тардан наһаа истиҥник көрсүбүттэрэ. Онно Гоша эбээтэ Анньыысканы көрөөт, наһаа сөбүлээбитим уонна ымсыыра санаабытым. Ол кэннэ 1984 сыл ахсынньы 29 күнүгэр сыбаайбалаан Сиидэрэптэргэ улахан кийииттэрэ буолбутум. Мин хаһан да эбээ диэни билбэтэх киһи аны оҕолорум хос эбээ диэни кытта билбиттэрэ. Ол курдук Хоптоҕо нэһилиэгин элбэх оҕолоох, халыҥ аймахтаах ыаллар улахан уолларыгар кэргэн тахсан, үс уол оҕону төрөтөн, дьиэ туттан тыа ыала буолан, ыччаты иитиигэ кыахпыт баарынан үлэлээн кэллибит.
Онтон ыал буоларбытыгар аан бастаан эһээбитин Семен Егоровиһы куоракка кэлэн тастыҥ убайбынаан Гаврильев Анатолийдыын ыал буоларбытын кэпсэтэн билсибитэ. Онно аргыый сөҥ куолаһынан кэпсэтэн, аҕабын санатан ылбыта. Эбээбит Анна Андреевна лоп бааччы саҥалаах , куруук үөрэтэ-такайа сылдьар этэ. Кийиит буолан кэлэн, үлэһит буоларбар элбэх сүбэтин ылан, иитиллибитим да диэхпин сөп.
1985 сыллаахха улахан уол Петя төрөөн, бастакы сиэн буолбута. Иккис сиэн уол эһээтин аатын ылан эмиэ улахан үөрүү буолбута. Онтон салгыы оҕолор бары улаатаннар, ыал буолуталаан сиэннэр бөҕө кэлитэлээннэр дьоммут аны сиэннэрин иитиигэ дьоһун кылааттарын уурбуттарын, оҕолор сиэннэр ахтыыларыгар ааҕан дуоһуйабыт. Эһээлээх эбээлэрэ чахчы да бары сиэннэригэр, хос сиэннэригэр наһаа истиҥник сыһыаннаһар буоланнар, сайын аайы Намтан, Ньурбаттан, Төҥүлүттэн кэлэннэр тэлгэһэ толору оҕо саҥатынан туолара. Кыргыттар - эбээлэрин кытта тамыйах аһатан, сир астаан, уолаттар - эһээлэрин кытта от-мас үлэтигэр уһуйуллубуттара. Саамай кэтэһиилээх кэмнэрэ Дуураҥаҕа окко эһээлэрин тыраахтарынан көһөн барыылара буолааччы. Онно эһээбит таайа Посельскай Дьөгүөр Ылдьыыс сайылыыр этэ. Биһиги икки уолаттарбытын илдьэ баран оттоһор этибит, Чурапчыттан Посельскайдар, Дириҥтэн Собакиннар, Анемподистовтар кэлэллэрэ. Бары аймаҕынан түмсэн оттоон элбэх аймахтары онтон билсибитим. Билигин оҕолор эһээлэрин өтөҕөр Дуураҥаҕа аймахтарын Анемподистовтары, Собакиннары, Коркиннары кытта оҕолорун илдьэ сылдьаллар, айылҕалыын алтыһаллар. Дьоммут олохторун үтүө суобастаахтык салҕыыллар.
Биһиги үлэһит буолан Дириҥ оскуолатыгар үлэлиирбитигэр дьоммут, аймахтарбыт нэһилиэккэ убаастанар дьон буоланнар, улахан өйөбүл буолбуттара. Эһээбит эдьийэ Сидорова Ульяна Федоровна кыргыттара Сидоровтар педдинастияларын оҥороннор, билигин Россияҕа тиийэ ааттаннылар. Эбээбит бииргэ төрөөбүт балтылара Мария Андреевна Пестерева элбэх оҕолоох, улууска бастакы үөрэхтээх арыы собуотун маастара, Ульяна Андреевна норуот маастара, иистэнньэн, кыра балта Анисья Андреевна Россия фармациятын туйгуна, Дириҥ балыаһатыгар өр кэмҥэ аптека сэбиэдиссэйэ этэ, улахан быраата Андрей Андреевич улууска хас да төгүллээх чемпион дояр, Илья Андреевич бэтэрээн учуутал. Эбээбит аҕатынан убайын кыыһа Евграфова Тамара Семеновна, Чурапчыттан кэлэн оскуолаҕа элбэх саҥа сүүрээннэри киллэриигэ, төһүү күүс буолан, оскуолабыт аан бастаан тыа хаһаайыстыбатын хайысхатынан үлэлиир агрошкола буолбуппут.
Күндү дьоммутум бэйэлэрин хаалларан олордор түгэммитигэр, чугас ыаллара, бары аймахтара куруук кэлэн улаханнык чуҥкуппаттар этэ. Саамай улахан махталбытын “Молодежнай” зона начальнигар Габышева Прасковья Григорьевнаҕа куруук көрө-истэ, минньигэс баахылатынан күндүлээн, сонун-нуобас кэпсээн сэргэхситэр дииллэрэ. Дьоммут куоракка кэллэхтэринэ телефонунан кытта билсэ сылдьара, тиһэх суолларыгар атаарыыга эмиэ тэҥҥэ сылдьан күүс-көмө буолбутугар улахан махталлаахпыт. Эбээлээх эһээбит үтүө дууһаларынан, дьоҥҥо истиҥ сыһыаннарынан биһиэхэ холобур этилэр. Кэргэним бииргэ төрөөбүттэрэ бука бары дьоннорун удьуордаан улахан үлэһит дьон буоллулар Ньурбанан, Намынан, Дьокуускай куоратынан, Чурапчынан үлэ үөһүгэр сылдьаллар, аны оҕолорбут үлэһит буолан үлэ ситимэ салҕанар.
Суруйда Сидоровтар улахан кийииттэрэ Анна Петровна Сидорова