Ахтыылар
Убайым Семен Егорович туһунан ахтыы
Мин убайбын Сэмэни киһини өйдүөхпүттэн тракториһынан билэрим. Наар Сиэнньэ дииллэр этэ. Мэлдьэхсигэ олордохпутуна от тиэйэ кэллэҕинэ үөрүү-көтүү бөҕө буоларбыт, оччолорго ДТ-54 тыраахтардаах этэ, ол кэлэн үөрэх кэнниттэн чугас алаастартан от тиэйэ бардаҕына илдьэ барар этэ, онно олох сөмөлүөккэ олорбут саҕа сананар, дьоллонор да этибит.
Онтон улаатан истэхпит аайы сайынын от звенотугар бугул түгэҕин харбааччыттан саҕалаан кыдамаһыкка дылы хас да сайын бииргэ үлэлээбиппит. Онно Сэмэн үлэтигэр кыайара-хоторо сүрдээх этэ, сарсыарда эрдэһитэ, турбуппут аһа, чээйэ бэлэм буолара, оччолорго бары да эрдэһит бөҕө этилэр.
Кэлин совхоз ыһыллан чааһынай барыы буолбутугар бары бииргэ оттуоҕун диэн аймахтар бары күн бүгүнҥээҥҥэ дылы тутуспутунан сылдьабыт. Сэмэн өтөҕүн олус үчүгэйдик ахтар-саныыр этэ, ол курдук соло буллар эрэ “хайа ноо өтөхпүтүгэр баран хонон кэлиэххэ” диирэ. Инньэ гынан мотоциклбытыгар олороот баран хонон кэлэрбит. Онно сылдьан оҕо сааһын, кимнээх ханна олорбуттарын кэпсиирэ. Убайдаах быраатын Мэхээлэни уонна Баанньаны сүрдээх сылаастык ахтар буолара. Биирдэ утуйаары сытан ыйыппытым “Туохтан эмэ хомойо саныыгын дуо” – диэн, онно “Халааныга” окко ыытаннар быраатым Баанньа сыбаайбатыгар сылдьыбатахпыттан диэбитэ, “Аккаастыы үөрэммэтэх буоламмын аккаастаабакка хаалбытым”.
Биир сайын Мэлдьэхси юбилейнай ыһыаҕар мотоциклынан бардыбыт, тиийэн ыһыахха сылдьан баран түөртүүр саҕана “Илин баска” барыахха эрэ диэтэ, тиийбиппит Филипповтар өтөхтөрүгэр сынньана сыталлар эбит, Сэмэни көрөөт да Аркадий Егорович “Оо саллаатым кэллэ” дии түстэ, онтон Алексей Дмитриевич Аммосов “Үөлээннээх дорообо” диэтэ. Аркадий Егорович дьонугар остуол тартара охсон өргө диэри оҕо саастарын санаһан, кэпсэтэн тахсыбыттара, киэһээ ат сүүрдүүтүгэр дылы. Ол кэнниттэн өтөхпүтүгэр “Дуураҥаҕа” баран хоммуппут, онно кэпсээбитэ “Аркадийдаах, Алексейы кытта Чурапчыга үөрэнэ сылдьан доҕордоспутум”.
Убаайдаах саҥаһым сүрдээх айыы санаалаах дьон этилэр. Оскуолаҕа кочегарынан үлэлии киирбитим кэннэ “Дьэ нохоо, бачча ыраах хараҥаҕа дьиэҕэр барыма, манна киэһээтин биһиэхэ тахсан аһыыр буол” – диэннэр үлэлээн бүтүөхпэр дылы кинилэр сылаас чээйдэрин элбэхтэ испитим. Киэһээ таҕыстахха кэтэһэ аҕай олорор буолаллар этэ, туох баар сонуннарын ыһа-тоҕо кэпсээһин бөҕөтө буолара. Элбэх ыалдьыттаах, хоноһолоох сүрдээх сэмэй, аламаҕай ыаллар этэ.
Ахтыыны суруйдум бырааттара Собакин Прокопий Гаврильевич, Дириҥ бөһүөлэгэ, тохсунньу ый 2024 сыл.