Ахтыылар
Эдьиий Аана, эһээ Сиэнньэ туһунан истиҥ ахтыы
Ийэбит, аҕабыт тэҥэ саныыр чугас ытыктыыр дьоммут Семен Егорович (эһээ Сиэнньэ), Анна Андреевна (эдьиий Аана) Сидоровтар дьиэ кэргэни, кинилэр оҕолорун кытары ойор-тэбэр оҕо сааспыт төрөөбүт алааспытыгар, Дириҥмит бөһүөлэгэр ыкса сибээстээхтик, сүүрэн-көтөн, үлэлээн-хамсаан, бары биир тэҥник тутуспутунан улааппыппыт.
Үлэни-сынньалаҥы, үөрэҕи-оонньууну ситимнээхтик аттарынан бириэмэни сөпкө туттууга, чугас дьону сыаналыырга, аҕа саастаах дьону ытыктыырга, үчүгэйи-куһаҕаны арааран көрүүгэ, төрөөбүт дойдуга тапталы, сиргэ-уокка сиэрдээх сыһыаны, быһатын эттэххэ модун куйаар, уустук олох суолугар быһаарыныылаах, эппиэтинэстээх буолууга эһээ Сиэнньэбит, эбээ Аанабыт тус үтүө холобурдара, биһиэхэ мэлдьи сирдиир сулус, ыйан-кэрдэн биэрэр баай кылаат буолар. Киһи олорбут олоҕун тылынан этиэн, сурукка суруйан туһэриэн муҥура суох элбэх. Ол гынан баран биһиги өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр, ааспыты ахтан, өйдөөн-санаан ыллахха харахпытыгар бу баар курдук элэҥнээн ааһаллар…
Ол курдук эһээ Сиэнньэбит, эдьиий Аанабыт аймахтары саамай түмэр дьоннорбут этилэр. Кинилэр дьиэлэригэр бары бииргэ бырааһынньыктары ылар этибит, оҕолор ырыа-үҥкүү, хоһоон ааҕан дьоммутун үөрдэрбит, сир астаан кыра оҥоойук сыыспытын куоталаһа-куоталаһа толорон хайҕанан дьоллонорбут. Эһээ Сиэнньэ «Запорожец» массыынатыгар тобус толору бытырыыс оҕолор олорсон үөрэрбит-көтөрбүтJ. Улахан оҕолор, оччолорго Гошалаах, Куолуска улахан куораттан яблока, апельсин, жевачка, лимонад кэһии аҕаллахтарына саамай күндү улахан подарок буолара, ол фрукталар сыттара дыргыйан билигин да баар курдукJ Биир саамай өйдөнөн хаалбыт үөрбут түгэним Гоша миэхэ Томскайга үөрэнэ сылдьан кыра игрушечнай иистэнэр массыына кэһии аҕалбыта буолар. Киһи сөҕүөн дьиҥнээхтик оҕуруолуу тигэр этэ. Отут биэс сылтан таҕыста, онтум билигин ийэм дьиэтигэр, серваныгар сувенир буолан турар, бэйэм да оҕолорбор харыстааммын улаханнык туттарбаппынJ
Сайын Таатта сайылыкка дьиэ кэргэнинэн ньирэйдэри көрөр лааҕыр тэрийэн үлэлэппит кэмнэргэ, лааҕыртан бөһүөлэккэ ДТ прицептаах тракторынан, биһиги оҕолор прицепка, эһээ Сиэнньэ, эдьиий Аана, кыра Петико уол кабина иһигэр олорон айаннаан истибит. Арай прицеппыт сөллөн хаалан хаалла, тракторбыт тыаһа улахана бэрт буолан биһиги хаһыытыы сатыыбыт да кабинаҕа иһиллибэт. Ол курдук тракторбыт бара турда, биһиги хаалан хааллыбыт. Мин ыллым да тракторы эккирэтээччи буоллум, хата бытаан буолан ситэн тэҥҥэ сүүрэн истим, далбаатыыбын, хайыыбынJ эдьиий Аана кэлин кэпсиир: Арай Петико «Кыра Саргы сүүрэ сылдьар» - диир үһүJ Онтон көрөн соһуйан, тохтоон, күлүү, үөрүү-көтүү бөҕөтө буолбуппут. Ол курдук элбэх көрүдьүөстээх, мүлчүргэннээх да кэмнэри билигин саныырга наһаа үчүгэй.
Биһиги халыҥ аймахха, биир хаан-уруу өбүгэлээх, төрдүлээх дьоннор бары бииргэ тутуспутунан, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн, үөрэтэн-өйдөтөн, айан-тутан, хас биирдии киһиттэн сыалай аймахтар бары бөлөнөхпүт дьалкыйыан эбэтэр туругуруон, үрүҥ эбэтэр хара диэки уларыйыан сөбүн, тутулуктааҕын өйдөөн тураммыт сарсыҥҥыбытын түстүүр кэлэр кэнчээри ыччаттарбыт бөҕө туруктаах, бигэ тирэхтээх буолалларын туһугар, ытыктыыр күндү дьоммут иҥэрбит үөрэхтэрин салҕаан, олоххо тардыһыы күүһүн тумус туттан, инникигэ эрэли өрүү холобур оҥостон үүнэ-сайда туруоҕуҥ, халыҥ аймах силиһэ үйэлэртэн-үйэлэргэ дириҥээн, тэнийэн истин, олохпут кутаа уота хаһан да уостубатын.
Күтүөппүт эһээ Сиэнньэбит, эдьиий Аанабыт бириэмэтигэр төһө даҕаны ыарахан үлэҕэ сырытталлар күнү-түүнү аахсыбакка, барыбыт туһугар кыһаллан, бу киэҥ олоххо биһигини киһи-хара буоларбытыгар мындыр өйдөрүнэн сүбэ-ама, сырдык санаанан салайтаран көмө-тирэх буолбуттарыгар, бүгүҥҥү туох баар баарбытыгар күндү дьоммутугар итиитик-истиҥник махтанабыт, кинилэринэн мэлдьи киэн туттабыт!
Ахтыыны оҥордо,
Саргылаана Спиридоновна Неустроева (Шестакова), 2024 сыл.