Ахтыылар
Эһээлээх эбээм туһунан ахтыым
Мин кыра эрдэхпиттэн эһээлээх эбээбин кытта бииргэ олорон иитиллэн улааппытым дьонум устудьуоннуу сылдьан миигин оҕолононнор. Өйдүүрбүттэн кыра сылдьан эһээм куобах күрэҕэр баралларыгар барсаары сайыһан ытаан диэн, онтон кэлбитин кэннэ булуус ампаарын иһигэр барыта куобах ыйанан турар буолааччы.
Эһээбин кытта совхоз саҕана, “Союз” ыһылларын эрэ иннинэ буолуо, звеноҕа сылдьыһан турабын онно хас саастааҕым эбитэ буолла бука 5, 6 эбитим буолуо. Онно биирдэ эһээм ДТ-75 тыраахтарынан “Исаков” диэн от кэбиһэри соһор, онно бастаан убайым Сэмэнчик доҕотторун кытта от түстээччи, тэпсээччи буолан сылдьаллар, онно тахсан кинилэри кытта от тэпсиһээччибин. Онтон арай, үөрэх дьыла саҕаланна быһылааҕа, биһиги эһээбинээн иккиэн эрэ хааллыбыт. От тэпсээччи, түстээччи суох буолан арай миигин эһээм от үрдүгэр таһаарда уонна бардыбыт. Дьэ онтон саҕаланна ээ “от водопада” успейдаан оппун тардан ылбакка атырдьахпын көмтөрөн кэбистим уонна эһээбэр ытыы-ытыы хаһыытаатым, ону оҕонньор көрөн олорор буолан сразу кэлэн уоскутан атырдьахпытын көрдөөн буллубут, онтон ыла сөп буола-буола бэйэтэ тахсан тарҕатар буолбута оннук курдук оппутун кэбиһэн таһаарбыппыт.
Бастакыбын кустуу барарбар эмиэ эһээбин кытта барсыбытым, эмиэ ол бииргэ оттуур табаарыстарын кытта, хата бардаҕым аайы эһээм доҕотторун оҕолоро наар баар буоланнар чуҥкуйбакка сылдьааччыбын, ол уолаттарым миигиттэн 3-4 сыл аҕа да буоллаллар наар тэҥҥэ илдьэ сылдьаллара хаһан да атаҕастаабатахтара.
Онтон совхоз ыһыллыыта үллэһиккэ эһээлээхпэр “Уһун күөл” диэн сир тиксибитэ ону күрүөлүү бардыбыт. Онно Пестеревтар эһээлэрэ Охонооһой уонна быраатым Дима, эһээм, мин уонна быраатым Семен Егорович 2 (солбуйааччы) барбыппыт. Онно тиийэн үлэ бөҕө, сиэрдийэ таһан остуолба туруоран, остуолбаҕа сиэрдийэни харчаагылаан баайарга онно үөрэммитим. Онно сылдьан арай сиэрдийэ көтөҕөн иһэн мүлчү тутан тарбахпын кыбытан тарбаҕым тыҥыраҕа көҕөрөн таҕыста, арай ыарыыта диэн ынырык, ону көрө-көрө эһээм үчүгэй баҕайытык уоскутар “билигин ыалдьыа, онтон ааһыа тулуй” диэн, ону билигин да инньэ диэн бэйэм оҕолорбун эмиэ уоскутабын. Эһээм олус үлэһит киһи этэ, биирдэ арай ыалдьан сытта, икки күн, онтон тулуйбакка гараһыгар таҕыста уонна сразу үтүөрэн киирбитэ.
Онтон эбээбин санаатахпына мастерской алааһыгар гараж ыраастыы киирээччибит, онно мин наар сырылыырбын астынааччыбын, ол алаас сыыра үрдүк, туруору буолан онтон сырылааччыбын. Эбээбэр урут үүт эрийэригэр көмөлөһөн эрийсэр этим, онтум да билигин санаатахпына бэйэм көччүргээн, ымсыыран боруобалаан эрэ көрөр быһыылаахпын тоҕо диэтэххэ биир тэҥник, биир темпанан эриллиэхтээх, ону биһиги начаас сылайааччыбыт. Уонна “Таатта” лааҕырыгар ньиирэй көрөргө эмиэ эбээбин кытары сылдьыбытым, онно биир ынырык улахан кэйиик оҕус баара, бу кэлин санаатахпына миигин мээнэ чугаһаабатын диэн куттаабыттар эбит быһыылаах. Мин улахан сиэн буоламмын наар эбээбэр бырааттарбын, балтыларбын көрөргө көмөлөһөөччүбүн. Сарсыарда күөрчэх ытыйар тыаһа үчүгэй баҕайы буолааччы, билигин бэйэм биһилэхтээх ытыйдахпына эмиэ оннук тыаһыыр, эбээм наар биһилэҕин устубакка сылдьарын онно өйдөөбүтүм.
Кэргэн ыларбар, тахсан билсиһиннэрэрбэр наһаа үчүгэйдик сыллаан-уураан сиэн кийииттэрин көрсүбүттэрэ, ойоҕум ону наһаа үчүгэйдик саныыр. Онно тиийэ сылдьан ол же киэһээ хотоҥҥо тахсыһан көмөлөспүтэ. Эһээлээх эбээм наар көрсүө-сэмэй ыаллар этэ, эһээм бу барыан эрэ иннинэ тыраахтарын оностоору биир улахан баҕайы буолтаны өһүлтэрэ сатаабыта да сатамматаҕа, ону “чэ бээ кэлин” диэбитэ уонна чэ киириэх диэбитэ. Итинник эһээлээх эбээм туһунан санаатахпына өссө да элбэх, кэлин өссө ситэрэн иһиэхпит!
Ахтыыны суруйдум Улахан сиэннэрэ Сидоров Петр Егорович,
Дьокуускай куорат, кулун тутар 2024 сыл.