Аҕабыт суруйбут ахтыылара
Убайбыт Афанасий Федорович
Миигин аҕалаах ийэм оҕо турбат буолан эһэлээх эбэбэр, аҕастарым Ааналаах, Дьэбдьиэ көрүүлэригэр күрэппиттэрэ. Онон оҕо сааһым “Дуураҥа” алааска ааспыта. Ийэлээх аҕам сотору-сотору хардары-таары кэлэн билсэн бараллар эбит.
Биирдэ мин улааппытым кэннэ аҕабынаан аймахтарбытын кытта билсэ Чурапчыга киирэ сылдьыбыппыт. Онно убайым Сидоров Афанасий Федорович Чурапчы педучилищетыгар нуучча тылын учууталынан үлэлиир эбит. Кэргэнэ эмиэ учууталлыыр, кыргыттар кыра этилэрэ. Аҕабынаан наһаа ахтыһан үөрэ-көтө кэпсэппиттэриттэн санаатахха уһуннук көрсүбэккэ гынан баран көрүстүлэр быһыылааҕа. Аҕабар анаан “Эн эдэр эрдэххинэ ыллыыр ырыаҕын иһит” диэн гитараҕа оонньообута. Наһаа эйэҕэс, бэрт ыаллар эбит диэн миэхэ өйдөбүл хаалбыта.
Аҕалаах ийэм үлэттэн уурайан биһиэхэ Дуураҥаҕа кэлэн олорбуттара. Аҕабын кытта икки сыл устата “түүлээхситинэн” (кадровай булчутунан) үлэлээбитим. Кырынаас, солодо, куобах бултуурбут. Биир сыл Аммаҕа аҕам бултуур үрэҕэр “Нэктээйи”, “Дубайкы” диэн сирдэргэ сырытыннара сылдьан булт бары кистэлэҥигэр үөрэппитэ. Онтон салгыы колхозка тутууга үлэлээбитим. Аҕам ыарытыйан үлэттэн тохтоон олорбута. Аҕам ыалдьар сураҕын истэн 1961 сыллаахха Афанасий Федорович кэлэн көрсөн баран, куоракка киирэн көрдөрүөххэ диэбитэ. Күтүөппүт Тарасов Петр Петрович оскуолаҕа суоппардыыр этэ. Онно кинини кытта оскуола наадатыгар куоракка киирэригэр таарыйа киирсэн хаалбыппыт. Убайым билэр ыалыгар түспүппүт. Чэйдээн баран көрдөрө бараары сылдьан аҕам бүтэһик охтуутун охтубута. Убайым урут билэр тэрилтэтин массыынатын уларсан Мугудайга кэлэн, онтон салгыы атынан тахсыбыппыт. Таайдарбынаан бары саба түһэн уҥуох туппуппут. Айылҕа анабылынан буолуо, ийэбин эмиэ бэйэм кэргэмминээн ыарыылаан бу дойдуттан атаарбыппыт.
Мин тракторист буолан Соморсуҥҥа “Оһохтоох” диэн фермаҕа от тиэйээччинэн кыстыы киирбитим. Ол сылдьан кэргэн ылан, ыал буолаары сылдьар кыыспынаан Тарабукина Анналыын дойдубутугар көрсүһүү, сыбаайба оҥороору Чурапчыга массыынанан киирбиппит. Убайбар Афанасий Федоровичка хоно сылдьан кэргэммин билсиһиннэрбиппэр ыал буолбуппутунан эҕэрдэлээн үөрэн-көтөн, кэлэр олохпутугар кэрэ уҥкулу түстээбиттэрэ. Кэргэним ол үөрэ-көтө көрсүбүттэрин билигин да күндүтүк саныыр.
Убайым Афанасий Федорович нуучча тылын лаппа баһылаабыт буолан суруйааччылар Алексей Бродников, Феоктист Софронов, Василий Яковлев уо.д.а. бэйэлэрин айымньыларын нууччалыыга тылбаастатар этилэр. Василий Яковлев кинигэтин ситэ бүтэрбэккэ хааллым диэн хомойор этэ.
Убайым үрдүк культуралаах, дьоҥҥо наһаа үчүгэй сыһыаннаах, истиҥник кэпсэтэр элбэх доҕоттордоох, табаарыстардаах этэ. Аймахтарыгар куруук көмөлөһөр, сүбэлиир-амалыыр, туох кыһалҕа баарын туоратыһар, үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэстэр үтүө сыһыаннаах этэ.
Суруйдубут Семен, Анна Сидоровтар.