Аҕабыт суруйбут ахтыылара
Тарабукин Николай Ильич I туһунан ахтыы.
Тарабукин Николай Ильич I - 1914 сыллаахха Чурапчы оройуонун Мэлдьэхси нэһилиэгэр элбэх оҕолоох саха ыалыгар төрөөбүтэ. Аҕалара эрдэ өлөн убайынаан Андрей Ильичтыын бырааттарын уонна балтын бэйэлэрэ көрөн-истэн, улаатыннартаан дьон оҥорбуттара.
1941 сыллаахха сэрии саҕаланан, онно эбии саха сиригэр кураан буолан элбэх киһи олоҕор кыһалҕалаах күннэр үүммүттэрэ. Николай Ильич кыайар-хотор туруу үлэһит буолан, бултаан-алтаан элбэх киһиэхэ күүс-көмө буолбута. Саас быстарыы буолан “Нэлэгэр” диэн ферма таһыгар баар “Чөҥкө” диэн күөлү куйуурдаан мунду бөҕөтүн ылан, элбэх киһи тыынын быыһаан, махталларын ылыан ылбыта.
Николай Ильич Аҕа дойду сэриитигэр 1944 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр ыҥырыллан барбыта уонна Сибиир 58 саппааска турар стрелковай полк стрелогунан сулууспалаабыта, кэлин бу полк пожарнай чааһыгар көһөрүллүбүтэ.
Аармыйаттан эргиллэн кэлэн төрөөбүт үөскээбит “Тахсыбыт сардаҥа” колхоһа экономиката уонна хаһаайыстыбата бөҕөргүүрүгэр туох баар күүһүн-күдэҕин биэрэн туран үлэлээбитэ. “Ааллаах үүн” таһаҕаһын таһыытыгар хас да сыл устата Мэлдьэхси чулуу үлэһиттэрин кытта сылдьыспыта. Кыахтаах дьоннорун инники уктан, кэннилэригэр арыаллатан айанныыллар эбит. Манна Еримеев Ньукулайдыын (Тохтой) хардары-таары баһылаан-көһүлээн, салайан сылдьыбыттар.
Сайынын от үлэтигэр табаарыһынаан Ньукулайдыын икки аҥыы хайдан түөртүү оҕуска от кэбиһиитигэр кыдамаһыт буолан сыл аайы сылдьаллара. Күн аайы уонтан тахсалыы тонна оту кэбиһэннэр билигээҥҥэ дылы кэпсээҥҥэ сылдьаллар.
Кадровай булчут буолан ыраах Өлүөхүмэ ороуонугар Токоҕо тиийэн, кэрэ-дьикти айылҕалаах Токо үрээр 2 сыл бэрт элбэх түүлээҕи бултаан кэлбитэ. “Победителю в республиканском соревновании за высокие показатели по добыче пушнины в IV квартале 1952 года охотнику Чурапчинского района тов. Тарабукину Николаю Ильичу, колхоза “Заря” присвоено звание “Лучший охотник ЯАССР” с занесением на республиканскую Доску почета” председатель Совета министров ЯАССР Протодьяконов, диэн бэлиэни албыта.
“Эрэлик Эристиин” колхоз буолбуппут кэннэ тутуу биригээдэтин биир төһүү үлэһитэ буолбута. Ол курдук Дириҥҥэ кулууппут дьиэтин тутууга өһүө маһын булууга кинини анаабыттара. Уон түөрт миэтэрэ уһуннаах быһар төбөтө 30 сантиметр суоннаах доруобай маһы булуох диэтэххэ бэрт күчүмэҕэй үлэ буолар. Күҥҥэ 3-4 маһы булан сүгэнэн охторон, тыраахтарынан состорон киллэрбиттэрэ. Түннүк холуодатын сууйуутугар оскуола, кулууп киэнин барытын кини оҥорбута. Сүгэнэн тоҥсуйан, сыыһа-халты охсубакка оҥоруох диэтэххэ ыарахан үлэ этэ. Маны барытын бэйэтин эппиэтигэр ылан, тылланан туран үлэлиирэ. Бу дойдутун туһугар кыһаллан, үйэлээх тутуу буоллун диэн оҥороро.
Хорсун хоодуот үлэһити күндүтүк сыаналаан 1966 сыллаахха Москва, Ленинград куораттарынан сүүрбэччэ хонукка күүлэйдээн, дуоһуйа сынньанан кэлбитэ.
Наҕараадалара: “За доблестный труд в великой отечественной войне 1941-1945 гг”, кыайыы отут, түөрт уон биэс сыллаах юбилйнай медаллара, “Ветеран труда” (07 вевраля 1978 г.), элбэх грамоталар.
Маннык кыайыгас үлэһиттэрдээх “Эрэлик Эристиин” колхоз, совхоз аатырыан аатырбытын билигин даҕаны күндүтүк саныыбыт.
Ахтыыны суруйдум, Сиидэрэп Сэмэн, 23/II-2014 сыл.