Аҕабыт суруйбут ахтыылара
Оҕо сааспар бииргэ оттообутум
Мин Тарабукин Семен Семеновиһы (Албан аат – Дьоһун сурах) кытары оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан бииргэ үлэлээбитим. Сэмэн Сэмэнэбистиин сайын тылланан туран дьоммуттан көҥүллэтэн от оҕустарааччынан үлэлэспитим. Бастаан олох оҕо буолан аппын көлүйэрбэр сүбэлээн, хонтуруоллуур этэ. Сотору буолаат бэйэм бэрт үчүгэйдик көлүйэн, массыынабын угунуохтаан, тугу оҥорорун үтүктэн испитим. Наһаа хайҕаабат этэ да син астынан бэйэбэр көҥүл биэрэн үлэлэтэрэ. Сарсыарда эрдэ туран аттарбытын тутан аҕалан баайталаабыт, чэйин оргуппут буолара уонна миигин уһугуннарарыгар сайыҥҥы күн саҥа тахсан эрэр буолара. Аһыы охсоот киирэн оҕустарбытынан барарбыт, киэһээ күн киирдэҕинэ тохтуурбут. Ардыгар миигин киэһээ көҥүллээн кус оҕолоторо, кус дэлэй буолан киэһээ сиирбитин бултуурум. Ол сайын ыкса күһүҥээҥҥэ диэри бэрткэ тапсан от бөҕөтүн оҕустаран хайҕалга сылдьыбыппыт.
1960 сыллаахха дойдубутугар от үүммэккэ Покровскай Өктөмүгэр, Төхтүрүгэр киирэн талах быыһын илиибитинэн охсоммут сайылаабыппыт. От охсорунан үчүгэй этэ. Колхуоспут бэрэссэдээтэлэ “Маат буускаба” диэн хотуур оҥорторон элбэх оту оттообуппут.
Үлэҕэ кыһамньылаах үтүө кырдьаҕаһы кытта оҕо сааспар үлэлээн ааспыппын күндүтүк саныыбын.
Суруйдум Сэмэн Сиидэрэп.