Аҕабыт суруйбут ахтыылара
Табаарыһым Герасимов Петр Васильевич туһунан
Күндүтүк саныыр баар-суох табаарыспын, бииргэ сөп түбэсиһэн үлэлээн-хамсаан, олорон ааспыт үтүө кэмнэрбитин суруйан көрөргө сананным. Олорбут олохпут устатыгар араас күндү түгэннэр, элбэх үчүгэй санааттан сүппэт өйдөбүллэр алыс элбэхтэр.
Биһиги билсиһиибит табаарыспыт Нератов Болуодьа Ааналыын ыал буолар сыбаайбаларыгар Хойутаанап Николай Спиридонович дьиэтигэр буолбута. Мичээрдии сылдьар хап-хара харахтаах, саар-тэгил уҥуохтаах киһини бэйэтигэр тардар номоҕон уол кэргэнинээн Дунялыын сиэттиһэ сылдьаллара. Мин эдэр уол көрөрбөр маннык бэйэбэр сөптөөх кыыһы сиэтэ сырыттарбын дуу диэн санаалар киирэн ааспыттара. Далбаев Дмитрий Лукичтыын Мэлдьэхситтэн кэлэн Дириҥ күөлүн илин баһыгар саҥа реммастерской тутуутугар үлэлии сылдьарбыт. Кэлэн биһигини кытта кэпсэтэн, саҥардыы ыал буолбуттарын, көһөн кэлэн манна токарь буолан үлэлиэхтээҕин истиҥ баҕайытык кэпсээн билсибиппит. Онон тута бэйэ киһитэ буола түспүтэ, олоҕум устатыгар (бу дойдуттан барыар диэри) бииргэ сылдьан аастыбыт.
Мин трактористар куурустарыгар үөрэнэрбэр күн аҥаара реммастерской дьиэтин тутууга сылдьарбыт. Эбиэттэн киэһээ учууталбыт Пестерев Кирил Николаевич тракторист үөрэҕэр үөрэнэрбит. Бүөтүр тутууга эмиэ үлэлии кэлбитэ. Манна кыайыгаһын, тутуу үлэтигэр сыстаҕаһын көрдөрбүтэ, реммастерскойбут дьиэтин (массыына, трактор ремоннуур) өһүөтүн түһэрэ сылдьан соҕооччу маһын тута сылдьан өһүөттэн өһүөҕэ сүүрэ сылдьан охсон барыбытын сөхтөрбүтэ.
Мантан ыла Бүөтүр биһиги иккиэн хардары-таары көмөлөсүһэр олох истиҥ доҕордуу буолбуппут. Мин Аанабынаан ыал буолан баран хардары-таары сылдьыһан олорбуппут. Дуунньалаах Аана эмиэ сүрдээҕин сөп түбэсиһэн кэпсэтиһэллэрэ. Биирдэ саҥа дьыл бырааһынньыгар, Селпо уопсай дьиэтигэр олорор эрдэхтэринэ, манна олохсуйуохпут этэ диэбиттэригэр үөрүүнэн ылынан дьиэтэ туттун биһиги көмөлөһүөхпүт диэн саас мас кэрдэн, собуостаан, таһан киллэрэн бэрт түргэнник дьиэни тутан кээспиппит. Дуунньалаах Бүөтүр саҥа дьиэлэригэр 4 оҕолорунаан үөрэн-көтөн сүрдээх үчүгэйдик олорбуттара. Бэйэ бэйэлэригэр эйэҕэстик хардары-таары убаастаһан оҕолорун наһаа үчүгэйдик ииппиттэрэ. Билигин оҕолоро бары ыал уолан оҕолонон-урууланан олороллоруттан наһаа үөрэбит.
Реммастерскойга бары даҕаны дэгиттэр талааннаах дьоннор түмсэн, ханнык даҕаны трактор, массыына чааһын оҥороллор, уустар Григореа Степан Игнатьевич, Лукин Афанасий Петрович, Тарабукин Иван Осипович, токарьдар Герасимов Петр Васильевич, Хоютанов Иосиф Дмитриевич, Пинигин Яков уонна да атыттар. Биһиэхэ трактористарга оҥосторбутугар ары усулуобуйа баара – кран-балка диэн, токарнай станок, фрезернэй станок диэн, насос ремоннуур станок диэн, цилиндр шлефовкалыыр станок диэн колхозтарга бастакынан биһиэхэ киирбитэ. Бары бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн оҥосторбут.
Биир түгэни кэпсээтэхпинэ, тракторым кэлин “бугалын” буолталарын быһа тардан киэһээ хойут реммастерскойга киирдим, сарсын Ленин төрөөбүт күнүгэр коммунистическай субуотунньук буолуохтаах, мин тракторым онно үлэлиэхтээх. Ыксал буолла, Бүөтүрбүн ыҥыран аҕаллым, сорох буолталарбыт тостубуттар, сороҕо миэл буолбуттар, тостубуттарын ылан, кэҥээбиттэрин саҥа резба быһан, уонтан тахса буолтаны, шпильканы чочуттаран түүнү быһа оҥостоммут сарсыныгар субуотунньукпутугар таҕыспыппыт. Бары даҕаны үлэҕэ бэриниилээх, патриотическай өйдөөх-санаалаах ыччаттар этибит.
Эрэлик Эристиин совхоз сойууска тиийэ кыайыылаах буоларыгар бары кыахпытын түмэн салайааччылыын, дайааркалыын, сылгыһыттыын, суоппардыын, трактористыын, уустуун, токарьдыын, сыбаарсыктыын уонна да атыттар, бары бииргэ түмсэн үлэлээн олохпут сайдарыгар бары кыһалларбыт.
Мин Петр Васильевичтыын майгыбытынан даҕаны, үлэҕэ дьулуурбутунан даҕаны хайдах эрэ санаабытынан сөп түбэсиһэн табаарыстаспыппыт, наһаа эйэлээхтик күн аайы көрсүһэн кэпсэтэрбит, ону-маны оҥоро сатыырбыт. Доҕорум үтүө майгытын хаһан даҕаны умнуом суоҕа.
Суруйдум Сэмэн Сиидэрэп.