Аҕабыт суруйбут ахтыылара
Аммосов Дмитрий Яковлевич туһунан итиитик-истиҥник ахтан, санаан ааһабын
Мин дьонум Бэһиэлискэйдэр Дуураҥаҕа, Аммосовтар Ханньыйыкыга өтөхтөөх буоланнар былыр-былыргаттан бэйэ бэйэлэрин билсибит, элбэхтик хардары-таары сылдьыспыт, өйөспүт ыаллыылар эбит. Мин эһэм Бэһиэлискэй Борокуопай уонна эбэм Маайа төрдө Мугудай Сиипсэптэр кыыстара Дьаакыптааҕы кытта элбэхтик бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьоннор эбит. Тыа бөҕөтүн солоон элбэх бурдук ыһар бааһына оҥостон бииргэ үлэлииллэрэ үһү. Биһиги дьоммут бааһыналара күн көрөр өттө буолан эрдэ буһан икки эмээхсин иккиэн бурдуктарын түүтэхтээн баран Мотуруона түүтэҕин бииргэ баайаллара үһү. Иккиэннэрин атын дьахталлар кыайан сиппэт баайааччылара эбитэ үһү. Оҕолор Миитээлээх Буокай эмиэ эгил-тэгил саастаах буолан бииргэ оонньоон-көрүлээн улааппыттар, кырдьан баран наһаа ытыктаһан хардары-таары сылдьан, хонон-өрөөн быһа кэпсэтэр этилэр.
Миитээ саллааттаан кэлэн баран Ханньыйыкытааҕы дьиэтин Аччыгый алааска көһөрөн киллэрэн олорбута, “Тахсыбыт сардаҥа” колхозка сылгыһытынан үлэлээбитэ. Биирдии сылгыһыкка уончалыы атыыр үөрдээх буолара. Бииргэ үлэлиир сылгыһыт доҕотторунуун Корякин Иван Ивановичтыын, Посельскай Егор Ильичтыын кыһынын сылгыларын алаас аайы аһатан, сайынын сайылыкка таһааран мэччитэллэрэ. Ходуһаҕа сылгы суох буолуута сылгыһыттар сүрүн үлэлэрэ этэ. Сылгы хайдах күҥҥэ ханна туруохтааҕын, хайа диэки барыахтарын эндэппэккэ билэр быһыылаахтара. Сайынын Пестерева Аграфена, Тарабукина Анисия биэ ыаннар ыһыахтарга кымыс оҥорор буолаллара.
Мин оскуолаттан бүтээт да Ханньыйыкыга фермаҕа үс оҕуһунан от тиэйээччинэн үлэбин саҕалаабытым. Онтон Аччыгый алааска тутууга үлэлиир кэммэр Миитээлээххэ саамай сылдьар ыалларым этэ. Наһаа элэккэй, эдэр дьоҥҥо биһиэхэ сүбэлии-амалыы, аһына-хараһыйа сылдьаллара.
Миитээ Мэҥэ-Хаҥалас Бүтэйдээҕэр үөрэнэ сылдьыбытым, үөрэхпэр куһаҕана суох этим, өссө ордуктара курдугум, онон оҕолорум үөрэхтээх дьон буоллунар диэн оҕолорун оскуолаҕа үөрэттэрээри Мэлдьэхситтэн Дириҥҥэ дьиэлэрин биир бастакынан көһөрбүттэрэ. Мин тутууга үлэлиир буолан дьиэтин маһын үс атынан көһөрсөргө үлэлээн, хаста да кырынан аҕалсыбытым. Дириҥҥэ олорор кэмнэригэр мин кэргэним Аана балтынаан Маасалыын кинилэргэ оҕо буолан олорбуттара, оскуолаҕа үөрэммиттэрэ. Билигин ол олорбут кэмнэрин, оскуолаҕа үөрэммиттэрин наһаа күндүтүк, истиҥник ахталлар.
Миитээ наһаа булчут, сааһыт этэ, куобах хайдах күҥҥэ ханна сытарын, кус ханна түһэрин эндэппэккэ билэрэ, биһиэхэ сүбэлиир буолара. Курдьаҕаайыга олорор кэммэр биир кыра куобах таптаан сытар тыатын ыйан биэрбититтэн сыл аайы бултуйарым.
Дмитрий Яковлевич сылгыһыт диэн элбэх кэлиилээх-барыылаах, итиигэ-тымныыга буһуулаах-тоҥуулаах ыарахан үлэтин дьүккүөрдээхтик уһун элбэх сыл үлэлээн дьон ытыктабылын ылыан ылла. Доҕотторунуун Корякин Иван Ивановичтыын, Посельскай Егор Ильичтыын бары наһаа кыһаллан үлэлииллэрэ. Кинилэр “Сардаҥа” колхозка, “Эрэлик Эристиин” совхозка үтүмэн элбэх дохуоту киллэрсибиттэрэ.