Аҕабыт суруйбут ахтыылара
Кырдьан баран санааларым
Биһиги оҕо сааспытыгар олох ыараханын эппитинэн-хааммытынан билбит дьоннор, аныгы сайдыылаах олоҕу тутар ыччаттарбытыгар, олорон, үлэлээн кэлбит кэмнэрбитин билиһиннэриэхпин баҕардым.
Билигин үйэбит сайдыы баран туох барыта салгынынан көстөр, кэпсэтэр телефоммут, телевизорбыт, интернетпит киирэннэр ханна туох буолбутун барытын билэ-көрө олоробут. Кыра оҕолорбут, сиэннэрбит биһиги сатаабаппытын хайа баҕарар хамсатан охсуһуннаран, ытыалаһыннаран олоххо дириҥ өйдөбүлэ суох оонньоон тахсаллар. Кинигэни, суругу сэҥээрэн ааҕар оҕо бэрт аҕыйах. Кинигэҕэ суруллар геройдар уобарастарыттан бэрт элбэххэ үөрэнэбит, кинилэргэ көҕүйэ, үтүктэ сатыыбыт.
Мин оҕо сааспар “Дуураҥа” диэн Мэлдьэхси сиригэр, эһээлээх эбээбэр көрүллэн улааппытым. Эһээлээх эбэм наһаа эйэҕэс, холку, үлэһит дьоннор этилэр. Былыргы оҕо сиэринэн кыһалҕалаахтык үлэлээн, айахтарын эрэ булунан олорор тыа ыалын оҕото буолан ынах хомуйан, ньирэй ыытан, сайынын айылҕа кэрэтигэр оонньоон-көрүлээн, лыаҕы эккирэтэн, моҕотойдоон онтон кус оҕолоон, бултаан-алтаан наһаа көрдөөхтүк оҕо сааһым ааспыта. Кыһынын дьиэҕэ хаайтаран, муус түннүгү кырыатаан сырдык киллэрэн, сыһыары хотоҥҥо биир ынахпытын ыырбытыгар эбээбэр тымтык тутааччынан үлэлээн, умулларан кэбистэххэ хараҥаҕа дьиэбит оһоҕугар киирэн уматан тахсаҕын. Тымтык диэн көнө саастаах мастан хайытан, чараас гына тыырыллыбыт маһы биир илиигэр хас да маһы (ынах ыанан бүтүөр диэри тиийэри) биир илиигэр умайар тымтыгы тутаҕын, наһаа умайаары гыннаҕына чоҕун көҕүрэтэн биэрэҕин, умуллаары гыннаҕына “саахтат” диэн буолар. Эһэм оҕонньор мас ууһа буолан остоол, олоппос, ыскаап, ат-оҕус сыарҕатын оҥорор буолан, онно тутуһан-хабыһан, ол олуктарынан ону-маны оҥорон оонньоон, бэйэм үлэһит буоларбар толору бэлэмнээх улааппытым.
Сэрии иннинэ 1 ынахтаах, 1 кыра сүөһүлээх этибит. Кыра ампаар дьиэбит хоту өттүнээҕи ааныгар хотон тутан онно туруорарбыт. Сорох дьыл кыра сүөһү идэһилэнэр буоларбыт быһыылааҕа. Сайын суорат бүрүйэн баран ону сүүмэх курдук сиидэлээн хойуннаран баран соҕуруу ампаарбыт таһыгар баар “Сомуоһуна” диэн сарайбыт умуһаҕар мас уһааттарга кутан сайыны баһа хаһаанарбыт, ону күһүн тымныы түһүүтүгэр аанын куһаҕан таҥаһынан ыбылы сабан кэбиһэллэрэ. “Өктөөп” бырааһынньыгын кэнниттэн улахан тымныы түстэҕинэ хаарынан иһит курдук оҥорон онно таһааран кутан тоҥороллоро. Бу кыһыны быһа аһыыр аһылыкпыт буолар этэ. Сэрии иннинэ “Тахсыбыт сардаҥа” колхоз улахан сементаль боруода оҕустары атыылаһан аҕалан сүөһүлэрин боруодата наһаа тупсубута. Үлэһит буолуубар көлүүр оҕустара наһаа улахан буоланнар тугу да тулуппат модьу, бөҕө-таҕа этилэр. Сэрии кэмигэр биир оҕус “Интернационал” диэн ааттах кэйиик буолбутун өлөрөн колхозтаахтары абыраабыттара быһыылааҕа. Бу оҕустан 2 туйаҕын эһээлээх эбээбэр ыыппыттарын хас да киэһээ буһаран сиэммит махтал-баһыыба бөҕө буолбуппут.
Оскуолаҕа киирэн баран ахсаанҥа син куһаҕана суохтук үөрэммитим, оччотооҕу оскуолаларга ньуучча учуутал кыргыттара кэлэн ахсааҥҥа үөрэппиттэригэр биэһинэн кэриэтэ үөрэнэрим. Ньуучча тылыгар, саха тылыгар ньууччаттан киирбит буукубалары биири да таба суруйбакка сыл аайы күһүҥҥүлэнэн, сордоон-муҥнаан 4 кылааһы бүтэрбитим. Алаас оҕотугар ким ньууччалыы саҥаран үөрэтиэй, ньуучча тылыгар тэтэрээтим барыта кып-кыһыл буолара. Инньэ гынан “Ыстаалын” өлөрүгэр бэһискэ тиийэн баран оскуолаттан аккаастанан үлэһит буолбутум, 2 сыл аҕабын кытта кырынаас, солондо, куобах булчута буолан сылдьыбытым. Билигин оҕону кыра детсад саҕаттан иитиэххэ дииллэрэ саамай сөп, оҕо толкуйа сайдарыгар кыратыттан саҕалаатахха ханнык баҕарар үлэҕэ-хамнаска, дьоҕурга, суобаска, культураҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыаҥҥа барытыгар улахан оруоллаах.
Оскуолаҕа сылдьан сайынын окко от мунньуутугар оҕолору кытта наһаа эйэлээхтик, үөрэн-көтөн ыкса күһүҥҥэ дылы сарсыарда эрдэттэн хойукка дылы сылдьарбыт. От оҕустарыытыгар Тарабукин Сэмэни кытта 2 сайын сылдьыбытым, оҕо диэн аһынан аттарбытын тутан, чэйин өрөн баран миигин уһугуннарарыгар сайыҥҥы күн саҥа тахсан эрэр буолара, киэһээ эмиэ оннук күн киириитэ бүтэрбит.

Сидоров Семен Егорович, Хоптоҕо нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.