Ахтыылар
Мин эһээм аатын сүкпүт иккис улахан сиэн буолабын.
Кыра оҕо сылдьан үс улахан сиэн, Аким, Петя уонна мин, үһүөн эбээлээх эһээбитигэр иитиллибиппит, студент дьон оҕолоро. Онон эбээлээх эһээм туһунан элбэх үтүө өйдөбүл баар.
Кыра оҕо эрдэхпиттэн эһээлээх эбээм чиэһинэй, дьоҥҥо эйэҕэс буоларга бэйэлэрин холобурдарынан көрдөрөн улаатыннарбыттара. Дьон көрдөстөҕүнэ эһээм акаастааччыта суох.
Эһээм ДТ тыраахтарыгар олорсорбун сөбүлүүрүм. ДТ тыраахтар “нэхсиэтигэр” бигэтэн утуктаан утуйан “оһоххо” баран түһэр да кэмнэр баар буолааччылар. Биир саас тыраахтар бырысыабар олорсон саһаан кэрдэ барбыппыт. Саас буолан суол барыта чалбах, уу этэ, ону мин оҕо сылдьан бырысыаптан көрдөхпүнэ эһээм тыраахтара уунан устан иһэр курдуга. Уулуссаҕа табаарыстарбар мин эһээм тыраахтара уунан устар диэн кэпсиирим, ону оҕолор итэҕэйэн “Сеня эһээтин тыраахтара уунан устар” дииллэрэ.
Биир сайын эһээм алааһыгар “Уһун күөлгэ” күрүө туппуппут. “Көтөр күөлэ” алааһыгар кэлэн ардьаах иитэн, собо туттаран сиир этибит. Собо тутан аҕалан киэһээ алааспыт аттыгар баар дулҕалаах кыра көлүччэҕэ бары бииргэ олорон собо ыраастааччыбыт. Эһээм онно үөрэппитэ хайдах балыгы үөстүүргэ, хайдах балык миинин буһарарга.
Эбээбитин кытта биһиги үс улахан сиэн Аким, Петя уонна мин, сайын сарсыарда күөрчэххэ кутан сиэри дьэдьэннии “Даркылаах” алааһыгар тыанан барааччыбыт. Онно баран иһэн бааһына аттыгар “сыарҕа” курдук үүммүт улахан хатыҥ баар этэ, тахсан үһүөн олорон матасыыкылынан баран иһэр курдук сананааччыбыт. Үргээбит дьэдьэммитин кэлэн иһэн аҥаарыттан ордугун сиэн, сороҕун мэниктии сылдьан тоҕон кэбиһээччибит, эбээбит онтон сылтаан кыыһырбыта суох буолааччы, хата бэйэбитин кытары тэҥҥэ оонньоһор этэ. Кэлэн иһэн эбээбит ийэтигэр, хос эбээбитигэр, Анньыыска эмээхсиҥҥэ киирэн шоколад сиэччибит.
Эбээм кырдьан да баран хос сиэннэрин көрөр этэ, куоракка улахан уолбун, онтон Чурапчыга тахсан олордохпутуна, орто уолу көрөн абыраабыта. Мин эһээм аатын сүгэрбинэн киэн туттабын.
Ахтыыны суруйдум сиэннэрэ Семен Сидоров, Дьокуускай, сэтинньи ый 2023 с.